НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%707 avg views
Posting 21.6/day last 28 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🤩👏Уус Алданнар аан дойдутааҕы тимир уустарын быыстапкатыгар Москва куоракка алтынньы 29 күнүттэн сэтинньи 2 күнүгэр дылы «КЛИНОК. Традиции и современность» 53-с төгүлүн аан дойдутааҕы тимир уустарын быыстапката буолла. Саха сириттэн барыта 30 тахса тимир ууһа, олор истэригэр ювелирдар делегация састаабыгар киирэн кыттыыны ыллылар. Уус Алдан улууһуттан бу быыстапкаҕа, тимир уһаарыытыгар, быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттыыны ыллылар: Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтара, СӨ тимир уустарын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, РФ уонна СӨ норуотун маастара, аан дойдутааҕы статустаах хомус ууһун маастара, РФ тимир уустарын сойууһун чилиэнэ, ЮНЕСКО иһинэн киирбит РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Готовцев-Мындыр Уус, Уус Алдан улууһун норуотун маастара Илья Готовцев, Хоро нэһилиэгиттэн СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Иван Петров уонна Найахы нэһилиэгиттэн СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара Иван Румянцев. Саха сирин тимир уһаарар хамаандатын иһигэр Уус Алдан улууһуттан Роман Готовцев, Иван Петров, Иван Румянцев саха норуотун тимири уһаарыы төрүт ньыматын көрдөрөн, дойдубут тэбэр сүрэҕэр, икки күнү былаһын оһохторун оҥорон, тимир уһааран таһаардылар, элбэх дьон интэриэһин тартылар. «ЗАРУБА» быһахтары тургутуу, араас хайысхаларынан быһахтарга анаммыт күрэхтэр дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Саха тимир уустарын маастарыстыбаларын, оҥоһуктарын көрөөрү үгүс дьон бу күннэргэ сырытта. «КЛИНОК. Традиции и современность» 53-с аан дойдутааҕы быыстапкаҕа «Короткий кухонный нож» (120*170 мм.) анал аакка «Авторский нож» категорияҕа 1 миэстэни Илья Готовцев ылла. Тимир уустарын кытта РФ Судаарыстыбыннай Думатын депутата Петр Шамаев көрүстэ. Матрена Герасимова, «Олоҥхо дьиэтэ» этно-култуурунай киин исписэлииһэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

02505007501K3 Nov 02:0310 Nov 22:068093 Nov 02:03: 0 views10 Nov 22:06: 809 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
3 Nov 2026, 02:030
10 Nov 2026, 22:06809

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.