«Амтан» рубрикаҕа: мүөттээх смузи Көрүҥ, үтүктүҥ, минньигэстик аһааҥ!😋 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission
-
edited -
«Предупреди пожар — установи АДПИ»: Саха сиригэр 32 тыһ тахса сэрэтэр тэрили туруордулар Өрөспүүбүлүкэҕэ «Предупреди пожар — установи АДПИ» диэн социальнай аахсыйа салҕанар. Бу аахсыйаҕа 2021 сылтан 26 285 дьиэ кэргэн кытынна, 32 119 автономнай баһаар буруотун сэрэтэр тэрил туруорулунна. Быйыл АДПИ аахсыйата Россияҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар уонна Саха сиригэр Култуура сылыгар ананар. Аахсыйа СӨ Гражданскай көмүскэлгэ министиэристибэтин дьаһалынан 2026 сыл олунньу 5 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыллар. Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🤩👏🏻Горнай улууһугар Мария Григорьевна Тарасованы 101 сааһынан эҕэрдэлээтэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Тарасова Мария Григорьевна бүгүн 101 сааһын бэлиэтээтэ. Бу күндү кэрэ бэлиэ күнүнэн Мария Григорьевнаны Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев уонна Бэрдьигэстээх нэһилиэгин дьаһалтата истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Мария Григорьевна олоҕо — төрөөбүт дойдутугар таптал, үтүө суобастаах үлэ, дьонугар көмө буолуу уонна төрөөбүт култуураны көмүскээһин үтүө холобура. Сэрии сылларыгар тыылга үлэлээн, Улуу Кыайыыга кылаатын киллэрбитэ, сэрии кэнниттэн да нэһилиэнньэ култууратыгар уонна уопсастыбаннай олоҕор күүскэ үлэлээбитэ. Мария Григорьевна фольклор төрүттэрин харыстааһыҥҥа, саха норуотун музыкальнай уонна ырыа-айымньы култууратын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит киһи. Угуйа сылдьар хомусчут, норуот айымньытыгар төрүттээх ырыаһыта буолар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



+2
-
repost СОНУННАР Саха норуотугар сүдү үтүөлээх сэбиэскэй судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл Григорий (Серго) Орджоникидзе алтынньы 24 күнүгэр төрөөбүтэ 140 сыла буолар. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK
-
Ааспыт өрөбүллэргэ биһиги икки бүк бырааһынньыктары бэлиэтээбиппит. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ийэ күнэ, Россияҕа аҕа күнэ. Ол да күннэргэ, бу да күннэргэ, күндү дьоммутугар анаммыт үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар. Күн бэҕэһээ Литературнай түмэлгэ өссө биир сэргэх тэрээһин буолла. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👏Дьокуускайга бу күннэргэ орто анал үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннарын ортолоругар «Сыл бастыҥ устудьуона» диэн киэҥ хабааннаах күрэс ыытылла турар. Сахабыт сирин бары колледжтарыттан, техникумнарыттан 275 устудьуон муһунна. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🖼️🎨«Портрет с натуры» — талааннаах оҕолорго сонун бырайыак Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар маҥнайгытын сонун күрэх ыытылынна, саҥа бырайыак үлэтэ саҕаланна. Бырайыак ааптардара: Сунтаардааҕы оҕо искусствотын художественнай отделениятын эбии үөрэхтээһинин педагогтара Мария Прокопьевна Попова, Айныыта Илгэйэ Айтал кыыһа. Алтынньы 22 күнүгэр уруһуй отделениятын оҕолорун икки ардыларыгар «Портрет с натуры» академическай уруһуй күрэҕэ ыытылынна. Күрэс Саха сиригэр биллэриллибит култуура сылыгар ананна. Оҕолор Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Самойлова мэтириэтин 3 чаас устата дьиҥнээх бэйэтин көрөн олорон уруһуйдаатылар. Барыта 15 оҕо графика тиэхиньикэтин туһанан уруһуйдаатылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ худуоһунньук Галина Егоровна Федотова, О.К. Сосин аатынан Сунтаардааҕы политехническэй лицей-интэринээт эбии үөрэхтээһинин педагога Диана Вячеславовна Иванова, Сунтаардааҕы оҕо искусствотын художественнай отделениятын эбии үөрэхтээһинин педагогтара Мария Прокопьевна Попова, Айныыта Илгэйэ Айтал кыыһа, Катерина Сергеевна Бурнашева үлэлээтилэр. Күрэх түмүгүнэн Галина Егоровна оҕолорго туһалаах сүбэ-ама биэрдэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтар ааттара бигэргэннэ: 2-3 кылаас оҕолоругар: 1 миэстэ — Аделина Афанасьева 2 миэстэ — Оля Кужугет 3 миэстэ — Аня Егорова 4-5 кылаастарга: 1 миэстэ — Ванесса Тимофеева 2 миэстэ — Уйгулаана Гуринова 3 миэстэ — Милана Иванова Анал ааттар: «Кэскиллээх кыттааччы» — Анэля Кириллина «Ураты техникалаах уруһуй» — Милена Иванова Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-



-
👍Сунтаар улууһугар - Хадаттар: түмсүүлээх үлэ күүһүнэн паромнарын өрүс кытылыгар таһаарыылара ураты, сүргэни көтөҕөр көстүү Тускулаана. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost 


Александр Арутюнов (Razvedos) оценил якутский Центр подготовки операторов БПЛА Известный военный блогер и эксперт Александр Арутюнов (Razvedos) в рамках своей поездки в Якутию посетил местный Центр подготовки операторов БПЛА, работу которого он оценил очень высоко. Своими впечатлениями от визита он поделился с подписчиками: «Мысленно вернемся в Якутию. Будучи там, посетил Центр подготовки операторов БПЛА, где готовятся соответствующие специалисты в интересах МО РФ. Нынче подобными УЦ никого не удивить, но Якутский мне запомнился по следующим причинам. ▪️ Во-первых, он готовит специалистов в интересах конкретных подразделений, поэтому они гарантированно уходят служить на должности операторов БПЛА или в их расчёты. По окончании обучения им выдается диплом государственного образца. ▪️ Во-вторых, в Центре организовано не только обучение (в классах — на симуляторах и на полигоне), но и весь быт целиком. То есть курсанты проживают и питаются прямо на территории. ▪️ В-третьих, помимо подготовки по специальности, преподается и такмед в необходимом объеме. Как раз во время занятий я и посетил Центр, поэтому не удержался и продемонстрировал свой EDC-набор. Хорошо хоть где-то получилось шикануть, ибо в «дронах» я полный профан. Пока Центр не слишком велик, но в планах его руководства — расширяться, и, надеюсь, у них все получится. Инструкторам и курсантам — Здоровья, Удачи! И да пребудет с Вами Сила!» — резюмировал Razvedos. Источник: https://max.ru/channel_bps/AaFmN7qUBAI «ЯКУТИЯ: ВСЁ ПРО СВО»: https://max.ru/yakutiavseprosvo
-
edited Ньурба улууһун улахан нэһилиэктэриттэн биирдэстэригэр, Чаппандаҕа саҥа тутуллубут врачебнай амбулатория үөрүүлээх аһыллыытын, видео сибээс нөҥүө Ил Дархан Айсен Николаев салайан ыытта. Сабыс-саҥа дьиэҕэ үлэлииргэ сөптөөх усулуобуйа толору тэриллибит, онон нэһилиэнньэҕэ үрдүк квалификациялаах өҥөлөрү оҥоруохтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-


👏Ботулууга саҥа быраас амбулаторията арылынна Үөһээ Бүлүү улууһун Ботулуу сэлиэнньэтигэр саҥа быраас амбулаторията арылынна. Алтынньы 22 күнүгэр «Уһун уонна көхтөөх олох» диэн федеральнай бырагырааманан тутуллубут эбийиэк арыллыыта буолла. Дьокуускай куораттан Ил Дархан Айсен Николаев, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов уонна Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева быһа эпииргэ тахсан, биир кэмҥэ өроспүүбүлүкэ араас улуустарыгар тутуллубут биэс саҥа модульнай амбулатория үлэҕэ киирэрин биллэрбиттэрэ. Ботулуу сэлиэнньэтигэр саҥа эбийиэк 1959 сыллаах дьиэ оннугар тутулунна. Аны билигин олохтоохтор аныгы, сылаас, тупсаҕай дьиэҕэ көрдөрөр, эмтэнэр буоллулар. Боотулууга амбулаторияны тутуу быйыл бэс ыйыгар саҕаламмыта, бэдэрээтчит «ВИМ Строй» ХЭТ кылгас кэм иһигэр үрдүк хаачыстыбалаах үлэни оҥордо. Барыта балыыһа тутуутугар 19 мөл. 296 тыһ. солкуобай федеральнай бүддьүөттэн үп көрүллүбүтэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
👏Степан Макаров аатынан Чурапчы гимназията төрүттэниэҕиттэн 31 сыл устата үлэлии-хамныы сылдьар РФ Үтүөлээх учуутала Мария Иустиновна Хоютанова Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев 2026 сыл алтынньы 2 күнүнээҕи Ыйааҕынан “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай учуутала” бочуоттаах ааты ылла. Бу туһунан сюжекка көрүҥ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
Сиэйэ үөрэнээччилэригэр улуу учуутал Михаил Анисимов туһунан кылаас чаастара ыытылыннылар РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх учуутала, «Үлэ кыһыл знамята» уордьан кавалера Михаил Николаевич Анисимов төрөөбүт күнүн көрсө, улуу учуутал аатын үйэтитэр, олорон ааспыт олоҕун үүнэр көлүөнэҕэ сырдатар сыаллаах кылаас чаастара ыытылыннылар. Михаил Николаевич Анисимов туһунан кэпсии түһэр эбит буоллахха Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгэр 1893 сыллаахха төрөөбүтэ. Михаил 1901 сыллаахха Сиэйэҕэ таҥара дьиэтин иһинэн тэриллибит оскуолаҕа үөрэнэ киирбит. Сиэйэҕэ биир сыл үөрэнэн баран Михаил Элгээйигэ үөрэнэ барбыт. Элгээйи училищетын үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн баран, биир кыһын Кутанаҕа бииргэ үөрэммит уолаттарынаан улуус дьыалатын бэрийээччиннэн үлэлээбиттэр. Петр Староватов туруорсуутунан хааһына суотугар Иркутскайга учуутал семинариятыгар үөрэххэ ыытар туһунан үөрүүлээх сурук 1909 сыллаахха Кутанаҕа үлэлии сырыттахтарына кэлбит. Төрөппүттэрэ уолларын үөрэххэ ыытартан аккаастаммыттар, Михаил аҕатыттан көрдөһө сатаан баран күрээбит. Сайын от мунньа сылдьан дьонуттан куотан ыалларга саһа сылдьыбыт, үөрэххэ барарыгар көмө көрдөөбүт. Уол үөрэххэ, сырдыкка тардыһарын өйдөөн убайдара, тастыҥ дьон уонна Түбэй ыаллара ким төһө кыахтааҕынан үөрэнэ барарыгар көмөлөспүттэр. 1915 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Элгээйигэ Сунтаар икки кылаастаах училищетын иккис учууталынан ананан үлэлээбит. Михаил Николаевич билиитин өрүү байытарга кыһанара, элбэхтик ааҕара, санаатын бииргэ үөрэнээччилэрин кытта үллэстэрэ, кэпсиирэ. Төһө да салайар үлэҕэ сырыттар оскуолаҕа эдэр учууталларга үтүө сүбэһит, табаарыс курдук буолара. Оҕолору уруокка эрэ үөрэтииннэн буолбакка уокурук оройуон нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттара. Үөрэҕэ суох кэнэн саха ыалын биир бастыҥ уола Анисимов Михаил Николаевич саха ыччата үөрэхтэнэрин, оччоҕо сайдарын, олоҕу сайыннарарын туһугар сыралаһан үөрэммит уонна үлэлээбит олоҕо холобур буолар. Кыһамньылаах үтүө үлэтин иһин Саха сирин үөрэҕириитин бастыҥа аатын ылбыта., өрөспүүбүлүкэтээҕи кыһыл дуоскаҕа тахсыбыта. Өр сыллаах айымньылаах үлэтин иһин 1957 сыллаахха РСФСР үтүөлээх учуутала буолбута. Саха сирэ Россияҕа холбоспута 325 сыла туолуутугар Үлэ кыһыл Знамятын орденынан наҕараадаламмыта. Киэҥ билиилээх, үөрэтии ньыматын баһылаабыт, оҕолорго үчүгэй билиини сатабыллаахтык иҥэрэр Улуу учуутал аатын үөрэммит уонна үлэлээбит Сиэйэ орто оскуолатыгар төрөөбүтэ 100 сааһын көрсө иҥэриллибитэ. Сылдьарын тухары сырдата, үйэлээх сааһыгар үөрэтэ сылдьыбыт үтүөкэн дууһалаах ытык киһибитинэн өрүү киэн туттабыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-


-
📺Таас Тумус күөнүгэр биэриилэр тиһиктэрэ НВК «Саха» ханаалга. «Чолбон» сурунаал туһунан кэпсэтии алтынньы 24 күнүгэр субуотаҕа күнүс 12.15 чааска, хатылааһына алтынньы 26 күнүгэр күнүс 15.00 чааска көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
repost
ОҔОЛОР ОЙУУЛУК ОҤОРОЛЛОР ✍️ Киһи бэйэтэ оҥорон таһаарбыта туохтааҕар да күндү буолар. Ол дьолун "Туллукчаан" уһуйаан "Току-току ньээм-ньээм" бөлөҕүн оҕолоро биллилэр 🎞️😍 🦔 Кырачааннар оҥорбут үлэлэрин - "Ёжик күһүнү хайдах киэргэппитэ" ойуулугу көрүҥ, сэргээҥ, сүргэлэрин көтөҕөн сэҥээриктэ туруоруҥ❤️👍 📌Уһулбут, таҥан оҥорбут үлэлэргитин chokhoon@mail.ru ыытан киэҥ араҥаҕа көрдөрүҥ🤩 🟡 ЧОХООН МАХ | Rutube | ВК | VK видео суруттар
-
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 23 октября (пт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдум дьоно 12+ 15:15-Саха итэҕэлэ 12+ 16:00-Ытык дьоммут ыллыктаах тыллара 12+ 16:30-Города и реки 6+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-Кинолетопись Якутии 12+ 18:30-Үлэ дьоно 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Өркөн өй 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Уонна 12+ 22:00-Сэргэх 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Өркөн өй 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Города и реки 6+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
-
🌞Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
- Older posts