НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%703 avg views
Posting 21.7/day last 26 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🖼️🎨«Портрет с натуры» — талааннаах оҕолорго сонун бырайыак Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар маҥнайгытын сонун күрэх ыытылынна, саҥа бырайыак үлэтэ саҕаланна. Бырайыак ааптардара: Сунтаардааҕы оҕо искусствотын художественнай отделениятын эбии үөрэхтээһинин педагогтара Мария Прокопьевна Попова, Айныыта Илгэйэ Айтал кыыһа. Алтынньы 22 күнүгэр уруһуй отделениятын оҕолорун икки ардыларыгар «Портрет с натуры» академическай уруһуй күрэҕэ ыытылынна. Күрэс Саха сиригэр биллэриллибит култуура сылыгар ананна. Оҕолор Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Самойлова мэтириэтин 3 чаас устата дьиҥнээх бэйэтин көрөн олорон уруһуйдаатылар. Барыта 15 оҕо графика тиэхиньикэтин туһанан уруһуйдаатылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ худуоһунньук Галина Егоровна Федотова, О.К. Сосин аатынан Сунтаардааҕы политехническэй лицей-интэринээт эбии үөрэхтээһинин педагога Диана Вячеславовна Иванова, Сунтаардааҕы оҕо искусствотын художественнай отделениятын эбии үөрэхтээһинин педагогтара Мария Прокопьевна Попова, Айныыта Илгэйэ Айтал кыыһа, Катерина Сергеевна Бурнашева үлэлээтилэр. Күрэх түмүгүнэн Галина Егоровна оҕолорго туһалаах сүбэ-ама биэрдэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаахтар ааттара бигэргэннэ: 2-3 кылаас оҕолоругар: 1 миэстэ — Аделина Афанасьева 2 миэстэ — Оля Кужугет 3 миэстэ — Аня Егорова 4-5 кылаастарга: 1 миэстэ — Ванесса Тимофеева 2 миэстэ — Уйгулаана Гуринова 3 миэстэ — Милана Иванова Анал ааттар: «Кэскиллээх кыттааччы» — Анэля Кириллина «Ураты техникалаах уруһуй» — Милена Иванова Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080023 Oct 05:4410 Nov 22:0666123 Oct 05:44: 0 views10 Nov 22:06: 661 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
23 Oct 2026, 05:440
10 Nov 2026, 22:06661

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.