НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%702 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
  1. Чурапчы улууһугар социальнай хантыраак көмөтүнэн үгүс киһи 2012 сылтан саҕалаан бэйэ дьыалатын тэринэн судаарыстыба көмөтүн туһанан кэллилэр. Онтон бу күннэргэ Чакыр нэһилиэгин олохтооҕо Дмитрий Еремеев өр сылларга ыра оҥостубут баҕа санаатын толорон Уус кыһатын арыйда. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  2. Өрөспүүбүлүкэ 2027 сыллааҕы бүддьүөтэ бастакы ааҕыыга ылылынна Алтынньы 21 күнүгэр Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2027 сыллааҕы судаарыстыбаннай бүддьүөтүн уонна 2028-2029 сыллардааҕы былааннаммыт бүддьүөтүн ылыннылар. Кэлэр сылга 337,6 млрд солк кээмэйдээх дохуот былааннанна, дефицит – 2,7 млрд солк. Бу туһунан Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр. «Бүддьүөт хаамыыта олус уустук. Судаарыстыбаннай мунньах үлэтин маҥнайгы күнүгэр бастакы ааҕыыга бүддьүөт ылылынна. Бастакы ааҕыыга дохуот уонна ороскуот көрдөрүүлэрэ былырыыҥҥытааҕар биллэн турар ордуктар. Холобур, коммунальнай хаһаайыстыба салаатыгар кэнники сылларга аан бастаан толору ирдэнэр сууманы — 56 млрд. солк. — анаатыбыт», — диэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев бэлиэтээтэ. Еремеев бэлиэтээбитинэн, бүддьүөт хаамыытын чэрчитинэн, иккис ааҕыыга дохуот чааһа федеральнай бүддьүөттэн грант, субвенция, субсидия, атын да киирии көрүҥүнэн улаатыахтаах. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. ✊Сунтаар нэһилиэгин түөлбэлэрэ олус түмсүүлээхтэр. Бэйэ олорор сирин усулуобуйатын тупсарар туһуттан араас үлэни кыайа туталлар. Бу өрөбүллэргэ Абаҕа түөлбэ олохтоохторо түмсэн, Лесной күргэтин саҥартылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. Дьокуускайга подъездка кирилиэстэн сууллубут дьахтар өлүгүн буллулар Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар кирилиэстэн сууллубут 1945 сыллаах төрүөх дьахтар өлүгэ көһүннэ. Бу туһунан Саха сиринээҕи борокуратуура иһитиннэрэр. Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр буруйу оҥоруу 1 түбэлтэтэ таҕыста. Холуобунай дьыаланы силиэстийэлээһин борокуратуура хонтуруолугар сылдьар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. 🐮Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр саҥа хотон тутуллан үлэҕэ киирдэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  6. repost

    🎿 АЛДАН, ВСТРЕЧАЙ ЗВЁЗД ЛЫЖНЫХ ГОНОК! Уважаемые жители и гости города Алдана! Приглашаем вас на одно из самых ярких событий в мире лыжных гонок! 🔥 Вас ждут зрелищные соревнования с участием знаменитых спортсменов сборных команд Российской Федерации и Республики Беларусь! 💥 В программе: ⛷️ Захватывающие гонки сильнейших лыжников; 🏆 Напряжённая борьба и невероятные эмоции; 🎙️ Комментарии одного из лучших российских спортивных комментаторов телеканала «Матч ТВ» Всеволода Соловьёва. 📍Место проведения: лыжно-биатлонный комплекс СШОР «Алдан». 📅 28 октября — начало в 10:00 📅 29 октября — начало в 10:00 Приходите всей семьёй, поддержите спортсменов и станьте частью большого спортивного праздника! ❤️ Ждём всех болельщиков, любителей спорта и здорового образа жизни! @sakhasporttv

  7. 🐄Нам улууһун 1-кы Хомустааҕар 70 төбөҕө анаммыт аныгы тииптээх хотон үлэҕэ киирдэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. repost

    Второй день XX пленарного заседания Ил Тумэн Сегодня, 22 октября, продолжится XX (очередное) пленарное заседание Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) VII созыва. Начало заседания — в 09:00. 📌 С полной повесткой можно ознакомиться на официальном сайте парламента по ссылке: https://iltumen.ru/sessions/plenary/92/questions Трансляции прямого эфира: 🔗 ВКонтакте 🔗 RuTube Пресс-служба Ил Тумэна 💬МАХ | 💙ВК | 💬ОК 📝Дзен | 📺RuTube

  9. 👍🏻Сунтаарга эдэр көлүөнэни эт-сиин өттүнэн сайыннарыыга уонна патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан суолталаах эбийиэк арылынна. 2 нүөмэрдээх оскуола тиэргэнигэр саҥа спортивнай-байыаннай комплекс үлэҕэ киирдэ. Бу улахан бырайыак оҕолор бэйэлэрин көҕүлээһиннэринэн, улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн уонна анал бырагыраама көмөтүнэн олоххо киирдэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 22 октября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдубут туһугар 12+ 15:45-Актуальное интервью 12+ 16:00-Кэрэ кэпсээн 12+ 17:00-Тайм-аут 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Омоон суоллар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Олох үөһүгэр 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-"Тапталы эрэйэр сүрэхтэр" телесериал 12+ 21:45-Күрэс 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Олох үөһүгэр 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тайм-аут 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Күрэс 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. repost

    «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»💕 7 сиэрийэ Кыыдаана били остановка5а көрсөр о5ото убайынаан сир халлаан ортотугар хаалбыттарын билэн дьиэтигэр а5алла. Албанныын кыра да кэмңэ о5олору көрөн-харайан дэриэбинэ5э этэңңэ ыыттылар🚗 Барыыска Кристина кэлэн эдьиийэ суох буолбутун эттэ, айманна. Уол мэлдьэһэрин тохтоппот, кыыһы кирилиэстэн анньан түһэрдэ! Аны Кыыдаана5а бэлэхтээх кэлбитин , кыыс сирэйигэр бырахта.. @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  12. «Тапталы эрэйэр сүрэхтэр»саҥа сериалы куоттарыма!😍👏🏼 «Саха» НКИХ ханаалыгар бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр, 21:00 чаастан сериалы көрөргүн умнума!🫶🏼 Сценарист-Сайаана Эверстова, режиссер-Ярослав Касьянов. Тапталы эрэйэр сүрэхтэр Эрэли сүтэрбэт эбиттэр... ♥️🤗 @sakha_serial_nvk @nvk_sakha

  13. «Чэгиэн»: сүһүөҕү тыаһатар туһалаах ду буортулаах ду? Травматолог, мануальнай терапевт Андрей Александров бу туһунан сырдатта. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. repost

    🐣😍Дьокуускайтан 7 саастаах Кэрэли Иванова «Тооку» ханаалы көрөрүн олус сөбүлүүр. Ол курдук, «Тооку», «Айтал уонна аптаах күүс», «Имана» ойуулуктары көтүппэт. 🤩 @tookufest

  15. edited

    «Московскай-11» теплоходтан 128 пассажиры эвакуациялаабыттар Өлүөнэ өрүскэ быыһыыр эпэрээссийэ түмүктэммит. Чаарга олорбут теплоход босхолонон кытылга тиксибит. Мантан 128 киһини, ол иһигэр 40 оҕону эвакуациялаабыттар. Пассажирдары салгын олбохтоох суудунанан таһарга 13 рейс оҥорбуттар. Эпэрээссийэҕэ биир ГИМС уонна үс чааһынай суудуна кыттыбыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. repost

    🤩👏🏻СӨ култууратын туйгуна, Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан СӨ судаарыстыбаннай циркэтин артыыһа Дьулустаан Софронов саха суруйааччыларын остуоруйаларыгар кэпсээнньит, итиэннэ «Тооку» ойуулукка аҕа оруолун саҥардар. @tookufest

  17. repost

    💪 «Старт к вершинам» — лето силы и новых открытий! Этим летом участники учебно-тренировочных сборов проверяли себя на прочность, осваивали новые навыки и учились преодолевать трудности. От сборки квадрокоптеров до практического пилотирования БПЛА — современные технологии, реальные задачи и ценный опыт. Дисциплина, ответственность, отвага, мужество и патриотизм — качества, которые участники развивали на протяжении сборов. Новые знания, практические навыки и опыт, который пригодится в будущем! БЕСПИЛОТНЫЕ СИСТЕМЫ ЯКУТИИ: https://max.ru/channel_bps14

  18. edited

    «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан суудуна чаарга олордо Балаһыанньа СӨ Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хонтуруолугар турар. Бары наадалаах дьаһаллары ыллылар. Бу туһунан тустаах биэдимэстибэ иһитиннэрэр. Ол курдук, бу суудунаҕа салгыы пуойаһынан айанныахтаах дьон баар. Өрүскэ үөскээбит быһыынан сибээстээн, пуойас кинилэри ыстаансыйаҕа күүтэр. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  19. 🍲👍🏻 «Асчыттар» биэриигэ СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев ыалдьыттыаҕа! Буолар бириэмэтэ: алтынньы 22 күнүгэр 11:15 чаастан. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. Алтынньы 21 күнэ — Дагестан норуоттарын култуураларын уонна тылларын күнэ. Дагестан туһунан сюжеты көрөргө ыҥырабыт https://vkvideo.ru/video-211137588_456268975?list=47e1db124e0d07202e

  21. Older posts