НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393&registryType=bloggersPermission

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.8/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏
  1. repost

    ☀️ Солнце может повлиять на ТВ-сигнал в Якутии С 25 сентября в республике начинается сезон солнечной интерференции. Несмотря на сложное название, это обычное природное явление. В определённый момент Солнце, спутник и наземная станция оказываются на одной линии. Солнечное излучение может создавать помехи при приёме теле- и радиосигнала. 📺 Но для большинства жителей это пройдёт незаметно. РТРС заранее подготовил резервные источники сигнала, на которые при необходимости переключат трансляцию. Явление продлится до 22 октября. Так что если услышите про «солнечную интерференцию» — переживать не нужно. Это сезонное явление, и специалисты к нему готовы. ☎️ Горячая линия РТРС: 8-800-220-20-02.

  2. 🥗🥘🍨«Асчыттар» биэрии ыытааччылара өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, араас идэлээх ситиһиилээх дьону, сатабыллаах маастардары, спортсменнары, уопсастыбаннай диэйэтэллэри кытта минньигэстик астыыллар. Оптуорунньукка, чэппиэргэ 11:15 чаастан НВК «Саха» ханаалга көстөр. Ыытааччылар: Дая Барашкова уонна Константин Матаннанов. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  3. repost

    ⚡️📺Ил Дархан быһа биэриигэ тахсыаҕа Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 18:00 чаастан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһа биэриитэ ыытыллар. Манна СӨ баһылыга өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥа соруктары сырдатыаҕа уонна олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Ыйытыыларгытын 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ, Телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботка уонна 8 (4112) 510-000 нүөмэргэ «Айта» цифровой көмөлөһөөччү көмөтүнэн ыытыаххытын сөп. Эпиир НВК «Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ уонна Ил Дархан социальнай ситимнэригэр көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  4. 📺Программа ТВ НВК "Саха" на 24 сентября (чт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Дойдубут туһугар 12+ 15:45-Кэрэ кэпсээн 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Талбан 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Дыгын оонньуулара 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Талбан 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Дыгын оонньуулара 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  5. repost

    🎥 Хочешь залететь на ТВ? Это твой шанс! Любишь камеру, движ и не боишься быть собой? 🔥 «УОННА» ищет новых ведущих! Нам не важны возраст и опыт — главное харизма, энергия и желание быть в кадре 😎 Снимай короткую видеовизитку о себе и отправляй на 📩 uonnаnvk@gmail.ru Возможно, следующий эфир — с тобой 👀💜

  6. Интэриэһинэй чахчылар, тэттик сонуннар күннэтэ «Саҥа күн» биэриигэ тахсаллар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268405?list=cefb6f8e5fc05e385b nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  7. Ырыа: «Олоҕум сибэккилэрэ» Анастасия Готовцева Светлана Колесова-Сатабыл тыллара уонна матыыба https://vkvideo.ru/video-211137588_456268399?list=4a0471350c03b33a67 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  8. СВО байыастарыгар тиэхиньикэ уонна гуманитарнай көмө саҥа баартыйата ыытыллыаҕа СӨ Суһал штаба анал байыаннай дьайыыга кыттар байыастарын эбии хааччыйыы былааннаах үлэтин салгыыр. Анал байыаннай дьайыы балаһатыгар тирэх пууннар байыастарга гуманитарнай көмөнү быыстала суох тиэрдэллэр. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ Гражданскай көмүскэлгэ миниистири солбуйааччы Никита Павлов иһитиннэрдэ. Кини этэринэн, бу нэдиэлэҕэ Дьокуускайтан таһаҕас массыыната айанныаҕа. Кини анал байыаннай дьайыы байыастарыгар 4 тиэхиньикэни, ону тэҥэ 3 кэриҥэ туонна гуманитарнай таһаҕаһы уонна аадырыстаах баһыылкалары илдьиэҕэ. Айан хайысхата Нүөрүҥгүрү нөҥүө ааһыаҕа, манна колонна баһыылкаларынан ситэриллиэҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  9. СӨ Национальнай бибилэтиэкэҕэ музыкант, учуутал, чинчийээччи, Саха сирин муусукатын култууратын сайыннарыыга, харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылааттаах Василий Иванович Санников олоҕун кэрэһэлиир, үлэтин сырдатар «Василий Санников: жизнь и наследие» диэн кинигэ күн сирин көрдө. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268404?list=eebbe5b72a704332e4 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  10. Ньурбаҕа Саха сирин норуоттарын IX Спортивнай оонньууларыгар 6 тыһ тахса киһи кыттара күүтүллэр Барыллаан дааннайынан, Саха сирин норуоттарын IX Спортивнай оонньууларын түмүктүүр чааһыгар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан 6,2 тыһыынчаттан тахса киһи кыттара күүтүллэр. Улахан тэрээһиҥҥэ бэлэмнэнии хаамыытын Ньурбаҕа ыытыллыбыт тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар көрдүлэр. Мунньаҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайан ыытта. Мунньаҕы аһарыгар, Оонньууларга бэлэмнэнии бигэргэтиллибит былаанынан баран иһэрин бэлиэтээтэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Геннадий Антонов nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  11. Дьокуускайга сыллата ыытыллар «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка буолуоҕа Балаҕан ыйын 25 күнүттэн 27 күнүгэр диэри Дьокуускай куорат Комсомольскай болуоссатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Продовольствие» быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыа. Тэрээһин 28-с төгүлүн ыытыллар уонна араас улуустартан оҥорон таһаарааччылары, фермердэри, поставщиктары, ону тэҥэ агро хайысхалаах оскуолалары түмэр. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин эбээһинэһин толорооччу Анна Стручкова бэлиэтээбитинэн, дьаарбаҥка атыы былаһааккатынан эрэ буолбакка, уопут атастаһар, олохтоох аһы-үөлү киэҥник тарҕатар уонна дьоҕус агробиисинэһи өйүүр эйгэнэн буолуоҕа. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  12. Дьокуускайга «Доруобуйа учуутала» диэн күрэхтэһии түмүктүүр түһүмэҕэ саҕаланна. Бу россиятааҕы куонкурус регионнааҕы көрүүтэ буоларынан, бастаан учууталлары Аммаҕа ыытыллыбыт педагогтар дьаарбаҥкаларыгар талбыттара. Онно бастаабыттар икки күннээх куонкуруска кытталлар. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268403?list=ba6d040a32b94efe77 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  13. Оскуола оҕолоро «Серебряное кольцо Якутии» хайысханан айаннаатылар Састаабыгар 16 оҕолоох «Хранители истории» диэн хамаанда өрөспүүбүлүкэ улуустарынан «Серебряное кольцо Якутии» хайысханан устуоруйалаах сирдэри кэрийдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: СӨ култуурунай нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстабылын управлениета nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  14. Судаарыстыбаннас күнүгэр Ил Дархан быһа биэриигэ тахсыаҕа Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 18:00 чаастан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһа биэриитэ ыытыллар. Манна СӨ баһылыга өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥа соруктары сырдатыаҕа уонна олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Ыйытыыларгытын 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ, Телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботка уонна 8 (4112) 510-000 нүөмэргэ «Айта» цифровой көмөлөһөөччү көмөтүнэн ыытыаххытын сөп. Эпиир НВК «Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ уонна Ил Дархан социальнай ситимнэригэр көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  15. 📚🙇🏻‍♂️Майатааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин быйыл 9 үөрэтэр бырагырааманан 18 бөлөҕү арыйан үлэлэтэн саҕалаата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  16. 🚤Дьоҕус суудуналар сырыылара тохтуоҕа СӨ тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ территориятыгар физическэй уонна юридическэй сирэйдэр бас билэр дьоҕус суудуналарын сырыытын тохтотор болдьоҕун билиһиннэрэр. Ол курдук, балаҕан ыйын 25 күнүттэн уунан сырыыны Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Эбээн Бытантай, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Аллараа Халыма, Усуйаана, Булуҥ улуустарыгар тохтотоллор. Алтынньы 7 күнүттэн Дьокуускай куорат уокуругар уонна Жатайга, итиэннэ Амма, Алдан, Мииринэй, Нүөрүҥгүрү, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар уунан сырыы тохтуур. Ыйыллыбыт болдьох кэнниттэн дьоҕус суудуналарынан ууга киирбит дьону административнай эппиэтинэскэ тардыахтара. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  17. repost

    Продолжается сбор вопросов для прямой линии Главы РС(Я) Айсена Николаева который состоится 27 сентября в 18:00 ЦУР Якутии является координатором всех поступающих вопросов. Вопросы можно направить через колл-центр по номеру 8 4112 506-006 в будние дни с 9 до 18 и круглосуточно через мессенджер Макс @voprosglaveyakutii_bot. Нововведением является то, что к сбор вопросов также ведет цифровой помощник Айта по номеру 510-000. По состоянию на текущий момент от жителей республики поступило более 170 вопросов. Учитывая осенний сезон больше всего вопросов поступило по теме ЖКХ - это вопросы отопления и подготовки жилого фонда к зиме. На втором месте тема автодорог и работы транспортного комплекса - это работа общественного транспорта в городах республики и внутри республиканского авиасообщения. На третьем месте вопросы касающиеся строительства жилья и переселение из аварийного фонда. Также жители республики спрашивают вопросы о работе объектов спорта и культуры. Пока что наибольшее количество вопросов поступило от жителей: • ГО Город Якутск • Оймяконский • Нерюнгринский район • Алданский район • Ленский район Каждый поступивший вопрос при координации ЦУР Якутии будет рассмотреть профильным органом власти или уполномоченной организацией. Ответы жители получат через колл-центр или чат бот.

  18. repost

    СОНУННАР Хаҥалас улууһугар I Дьөппөн олохтоохторо эдэр дьон Вера уонна Спиридон Яндреевтар сүөһү иитиитинэн дьарыктаналлар, хаһаайыстыбалаахтар. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

  19. ⚡️Нүөрүҥгүрү оройуонугар үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимэ биллэрилиннэ Нүөрүҥгүрү оройуонугар ГРЭС-кэ тахсыбыт быһылаанынан үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимин биллэрдилэр. Бу туһунан оройуон баһылыга Максим Терещенко «Макс» ханаалыгар иһитиннэрдэ. Терещенко иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр итиинэн хааччыллыыга саамай уустук балаһыанньа Серебрянай Бор бөһүөлэккэ бэлиэтэнэр. Теплоноситель температурата түүн устата 1 кыраадыһынан намтаабыт. Мазутунан барар хочуоллары чөлүгэр түһэрэллэр. Энергетиктэр этэрллэринэн, түүн ортото хочуоллары үлэлэтии былааннанар. Нүөрүҥгүрүгэ ууну сылытар хочуолунайы үлэлэтээри сылдьаллар, мазуту бэлэмнииллэр. Эбийиэк үлэлээтэҕинэ Нүөрүҥгүрү куората уонна Беркакит итии уунан уонна сылааһынан хааччыллаллар. Энергетиктэр этэллэринэн, эбийиэк үлэҕэ киирэр болдьоҕун балаҕан ыйын 23 күнүгэр 01.00 чааска көһөрбүттэр. Чульмаҥҥа түүн үлэ барыта график быһыытынан барда. ЧуТЭЦ температуратын улаатыннарар. Беркакикка температура сарсыарда нуормаҕа эппиэттиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  20. ⛽️🌾1 тыһыынчаттан тахса уматыгы Саха сирин аграрийдара ыллылар nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

  21. Older posts