НВК «Саха»

@nvk_sakha · Kazakh · active

Subscribers 23.8K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.8K −100 24h · −100 7d
Reach per post (ERR) 2.8%678 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.8 ❤ 👍 👏

⚡️Нүөрүҥгүрү оройуонугар үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимэ биллэрилиннэ Нүөрүҥгүрү оройуонугар ГРЭС-кэ тахсыбыт быһылаанынан үрдүк бэлэмнээх буолуу эрэһиимин биллэрдилэр. Бу туһунан оройуон баһылыга Максим Терещенко «Макс» ханаалыгар иһитиннэрдэ. Терещенко иһитиннэрбитинэн, балаҕан ыйын 23 күнүгэр итиинэн хааччыллыыга саамай уустук балаһыанньа Серебрянай Бор бөһүөлэккэ бэлиэтэнэр. Теплоноситель температурата түүн устата 1 кыраадыһынан намтаабыт. Мазутунан барар хочуоллары чөлүгэр түһэрэллэр. Энергетиктэр этэрллэринэн, түүн ортото хочуоллары үлэлэтии былааннанар. Нүөрүҥгүрүгэ ууну сылытар хочуолунайы үлэлэтээри сылдьаллар, мазуту бэлэмнииллэр. Эбийиэк үлэлээтэҕинэ Нүөрүҥгүрү куората уонна Беркакит итии уунан уонна сылааһынан хааччыллаллар. Энергетиктэр этэллэринэн, эбийиэк үлэҕэ киирэр болдьоҕун балаҕан ыйын 23 күнүгэр 01.00 чааска көһөрбүттэр. Чульмаҥҥа түүн үлэ барыта график быһыытынан барда. ЧуТЭЦ температуратын улаатыннарар. Беркакикка температура сарсыарда нуормаҕа эппиэттиир. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075023 Sep 06:5710 Nov 22:0673923 Sep 06:57: 0 views10 Nov 22:06: 739 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
23 Sep 2026, 06:570
10 Nov 2026, 22:06739

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.