


+6
Саха сирин сүрүн ханаала! ВК: vk.com/sakha_nvk https://knd.gov.ru/license?id=6737461b772bb113f5282393®istryType=bloggersPermission



+6
🤩👏🏻Сунтаар улууһун 225 сыллаах үбүлүөйүнэн Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Сунтаар улууһа сурукка киирбитэ 225 сылын үөрүүлээх үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Халлааммыт хара сарсыардаттан былытыран, күүстээх ардаҕынан кутан да ылаттаатар, дьон-сэргэ онтон иҥнибэккэ төрөөбүт улууһун үөрүүлээх тэрээһиннэригэр хото кытынна. Россияҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура, Сунтаар улууһа сурукка – бичиккэ киирбитэ 225, Номох уонна сайдыы сылларыгар аналлаах «Сунтар – Ытык алаһам» өрөгөйдөөх күнүн үөрүүлээх аһылыыта анаммыт чааһыгар С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Кииҥҥэ саҕаланна. Киин икки этээһинэн улуус, үбүлүөйдээх нэһилиэктэр историяларын кэпсиир быыстапкалар уонна музей кэллиэксийэлэрэ, “Дойдум дьоно урукку хаартыскаларга”, “Сунтаар улууһун биллиилээх дьоно-сэргэтэ, ытык-мааны сирдэрэ” уруһуй быыстапката, “Сэргэ төрдүгэр сэһэн” сыахай быыстапката дьон болҕомтотун тартылар. Манна улуус төрүттэниититтэн билиҥҥи күҥҥэ диэри кэпсиир, дьоһуннаах дьонун, историятын, култууратын көрдөрөр экспонаттар турдулар. Л.А.Попов аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ “Сунтаар – үйэттэн үйэлэргэ” быыстапкатыгар улуус туһунан араас сылларга бэчээттэммит кинигэлэри билиһиннэрдэ уонна “Ааһан иһэн аах” диэн аахсыйа оҥордо. Улууспут өрөгөйдөөх күнүн аһыллыытыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһинигэр баһылык А.В. Григорьев уонна нэһилиэктэр баһылыктара киириилэрэ биир туспа ураты көстүү буолла. Нэһилиэктэртэн баһылыктары сэргэ бочуоттаах, ытыктанар олохтоохтор, үлэһиттэр кэлбиттэрэ мустубут дьону долгутта. Алексей Степанов режиссердаан туруорбут улуус историятын кэпсиир театрализованнай көстүүтүн дьон махтайа көрдө. Ол кэннэ улуус баһылыга эҕэрдэ тылы эттэ, дьиэ кэргэҥҥэ, чулуу үлэһит, улуус сайдыытыгар кылаатын киллэрбит дьоҥҥо наҕараадалары туттарда. Бу күн Сунтаарга өссө биир долгутуулаах түгэн тосхойдо. Сунтаар улууһун үбүлүөйүн күнүгэр О.К. Сосин аатынан Сунтаардааҕы политехническэй лицей-интэринээт саҥа дьиэтин аанын тэлэччи арыйда. Лицей улууска бастакы тэхиниичэскэй үөрэхтээһини тэрийэн, дойду араас муннуктарыгар үлэлиир каадырдары бэлэмнээн таһаарар бастыҥ кыһанан биллэр. Лицей саҥа дьиэтэ В.В. Путин көүлээбит “Ыччат уонна оҕолор” диэн национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир “Үөрэх сайдыыта” судаарыстыбаннай бырагырааманан үс сыл тутулунна. Тутууну Анатолий Исаев салайааччылаах “Главстройкомплекс” тэрилтэ тутан кэмигэр бүтэрдэ. Сунтаар олохтоохторо, тэрилтэлэр, төрөппүттэр сомоҕолоһон, түмсэн хас да ый буолуох үлэни түргэн кэм иһигэр бүтэрбиттэрэ хайҕабыллаах. Күнүс улуус айар коллективтара, эстрада сулустара кэлбит дьону үөрдэн, дьоро күнү бэлэхтээтилэр. Сахалыы оһуохай, ырыалар-тойуктар, үҥкүү-битии бырааһынньыгы киэргэттэ. Маны сэргэ манежка “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” атыы-эргиэн дьаарбаҥката кыайа-хото ыытылынна. Манна хаһаайыстыбалар, чааһынай дьон үүннэрбит астарын, заготовка арааһын, эттэн, үүттэн бородууксуйа атыыланна. Кэлбит дьон күһүҥҥү “Көмүс күһүн” фотозоналарга хаартыскаҕа хатанан, баҕарбыт астарын ылан дуоһуйдулар. Улуус стадионугар “Сыһыыга сырсыахха, хонууга оонньуохха” оҕолорго аналлаах араас оонньуу тэрилиннэ. Кырачааннарга Гонки в подгузниках күрэх кытта тэриллэн дьон интэриэһин тарта. “Кыстыкка бэлэмнэнии” диэн көрдөөх күрэхтэргэ эдэр да, аҕа саастаах да дьон күүстэрин, сымсаларын холостулар, дуомакка блиц-турнирга, Эрчим уонна дьулуур диэн маамыкта быраҕыы күрэҕэр кыахтарын холоннулар. Күһүҥҥү долгураҥ авангарднай муода кыттааччыларын сэргии көрдүлэр. Сунтаар күнүн уруйдуур массыыналар парааттара буоларын курдук олус сэргэхтик ааста. Сунтаар былаахтарынан киэргэммит араас мааркалаах массыыналар субуруһан ааһаллара эмиэ бэйэтэ кэрэ көстүү буолла. Дьоро күн Түүҥҥү Сунтаар - саха эстрадатын сулустара кыттыылаах кэнсиэр-дискэтиэкэнэн, өрө көтөҕүллүү салютунан түмүктэннэ. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube



+5
СОНУННАР Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка «Дьиэ кэргэн улахан өрөбүллэрэ» Бүтүн Россиятааҕы барыл иитинэн тэрээһин ыытылынна. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK
Саха сиригэр быйыл 2200 социальнай сөбүлэҥ түһэрсэргэ квота тыырыллыбыт. Ол иһиттэн 718-һа Дьокуускай куоракка көрүллүбүт. Социальнай сөбүлэҥи аҕыйах дохуоттаах дьон, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна элбэх оҕолоох ыаллар уурсаллар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Арктика улуустарыгар быраастар 89 тыһ тахса киһини көрбүттэр 2026 сыл бастакы аҥарыгар Саха сирин өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна киин оройуоннааҕы балыыһаларын исписэлиистэрэ Арктика 13 оройуонугар 211 сырыыны оҥордулар. 89302 киһини көрбүттэр диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. 2025 сыл бастакы аҥарын быйылгыны кытта тэҥнээтэххэ медицинскэй көмөнөн туһаммыт олохтоох ахсаана 12,3%-нан элбээбит. Былырыын көһө сылдьар үлэ чэрчитинэн 79 463 киһини көрбүттэр. Быйыл көрбүт олохтоохтортон 41301 оҕо буолар. Хаартыска: СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
❓Ил Дархан быһа биэриитигэр хайдах ыйытыы биэрэбит? Балаҕан ыйын 27 күнүгэр 18:00 чаастан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быһа биэриитэ ыытыллар. Манна СӨ баһылыга өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар саҥа соруктары сырдатыаҕа уонна олохтоохтор ыйытыыларыгар хоруйдуоҕа. Ыйытыыларгытын 8 (4112) 506-006 нүөмэргэ, Телеграмҥа @voprosGlaveYakutii_bot чат-ботка уонна 8 (4112) 510-000 нүөмэргэ «Айта» цифровой көмөлөһөөччү көмөтүнэн ыытыаххытын сөп. Эпиир НВК «Саха», «Якутия 24», «Россия 24» ханаалларга көстүөҕэ, «Тэтим», «Радио России», «Виктория Саха», «СТВ-радио» араадьыйаларга иһиллиэҕэ уонна Ил Дархан социальнай ситимнэригэр көстүөҕэ. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
🏫Сунтаарга сабыс саҥа политехническэй лиссиэй аһыллыытын күүтүүлээх күнэ тосхойдо. Бу оскуола "Үɵрэҕирии сайдыыта", "Ыччаттар уонна оҕолор" диэн национальнай барылынан тутуллан үлэҕэ киирдэ. Ол туһунан биһиги Сунтаардааҕы бɵлɵхпүт сырдатар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
😷Дьокуускай уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар харантыын биллэрдилэр Киин куорат оскуолаларыгар уонна уһуйааннарыгар грипп уонна ОРВИ ыарыы ахсаана элбээбитинэн харантыын биллэрилиннэ. Бу туһунан уопсай куораттааҕы мунньахха иһитиннэрдилэр. Икки оскуола толору сабылынна — 13 №-дээх орто оскуола уонна В.П. Ларионов аатынан физико-техническай лиссиэй. Эбии аҕыс оскуолаҕа сорох кылаастар сабыллыбыттар. Ааспыт нэдиэлэҕэ 13 №-дээх «Светлячок» уһуйаан сороҕо сабыллыбыта. Куоракка грипп уонна ОРВИ ыарыы ахсаана нэдиэлэ иһигэр 2,4 төгүл элбээбит уонна ыарыы эпидемиологическай боруогун 64% куоһарбыт. Куорат дьаһалтатын дааннайынан, балаҕан ыйын 7-13 күннэригэр уопсайа 5495 түбэлтэ бэлиэтэммит. Оҕолор ортолоругар ыарыы ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэр. 7-14 саастаахтарга 3,7 төгүл улаппыт, оттон 3-6 саастаахтарга, 15 саастарыттан үөһэ — 2,2 төгүл. Нэдиэлэ устата 15 тыһ. тахса киһи грипп утары быһыы ылбыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
СОНУННАР Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскай куоракка аһаҕас халлаан анныгар бетонтан оҥоһуллубут арт-эбийиэктэри арыйыы буолла. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK

Куорат дьаһалтатыгар саҥа анааһыннар Дьокуускай баһылыга Дмитрий Садовников куорат дьаһалтатыгар кэккэ дуоһунастары анаата. Дьокуускай уопсастыбаннай эйгэтин управлениетын киинин салайааччытынан Герман Григорьев ананна. Марха дьоҕус түөлбэ дьаһалтатын салайааччытын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччунан Николай Ксенофонтовы анаатылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
СОНУННАР Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Михаил Николаев сырдык кэриэһигэр, өйдөбүнньүк мемориальнай комплекс тутуута ыытылла турар. Сиһилии Уйбаан Уйгуурап кэпсиир. @nvk_khangalas1 ЖМИ и подписывайся на нас в VK
💖Саха телевидениетэ, саҥа айар дьылы саҕалаата, «Күбэйэ» ийэлэргэ аналлаах биэриини сүрэхтээтэ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
📺Программа ТВ НВК "Саха" на 22 сентября (вт.) 06:00-Саҥа күн 6+ 09:00-Утро Якутии 6+ 10:00-Новости 12+ 10:15-Күбэйэ 6+ 11:15-Асчыттар 12+ 12:00-Новости 12+ 12:17-Эйгэ 12+ 13:30-Сонуннар 12+ 14:00-Үлэ киһини киэргэтэр 12+ 15:00-Харах далыгар 12+ 16:00-Геван 12+ 16:30-Кэм кэрэһитэ 12+ 17:00-Тэтим 12+ 18:00-Новости 12+ 18:15-"Кыргыттар" телесериал 12+ 19:00-Новости 12+ 19:15-Талбан 12+ 20:30-Сонуннар 12+ 21:00-Күһүҥҥү хараҥаҕа 12+ 21:45-Үлэ дьоно 12+ 22:15-Дойдум дьоно 12+ 22:30-Итоги дня 12+ 23:00-Эйгэ 12+ 00:15-Талбан 12+ 01:30-Күбэйэ 6+ 02:30-Тэтим 12+ 03:30-Асчыттар 12+ 04:15-Үлэ дьоно 12+ 04:45-Документальный фильм 12+ Уважаемые телезрители, напоминаем, что в программе возможны изменения nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Ырыа: Тыһыынчанан үрүмэччи Ирена Файрушина Виталий Старков тыллара уонна дьүрүлэ Семен Чинянов аранжировката nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
На «Медвежьих островах» зафиксировали рекордное за последние годы число белых медведей В Нижнеколымском районе Якутии завершился ежегодный авиамониторинг белых медведей на территории заповедника «Медвежьи острова». По предварительным оценкам специалистов, численность хищников достигла рекордных значений. Авиамониторинг занял два дня. Основную часть заповедника обследовали на вертолете Ми-8 авиакомпании "Полярные авиалинии" 17 сентября. Несмотря на сложные метеоусловия - низкую облачность и порывы ветра до 20 м/с, - борт прошел вдоль материковой береговой линии до границы ресурсного резервата «Курдигино-Крестовая», а затем направился к крупнейшему острову архипелага - Крестовский. Далее маршрут пролегал через острова Пушкарева, Леонтьева, Лысова и Четырехстолбовый. Во второй день группа работала в глубине материковой части заповедника, куда животные традиционно выходят осенью. Аркадий Семенов, директор ФГБУ “Национальный парк “Ленские столбы”: Почему мы проводим мониторинг именно осенью? Потому что для белых медведей архипелаг “Медвежьи острова” - настоящий “родильный дом”. Осенью сюда активно стягиваются самки: и беременные, и те, кто уже ходит с подросшим потомством. Острова становятся для них безопасным убежищем, где они нагуливают жир перед долгой полярной зимой, чтобы залечь в родовые берлоги и весной вывести медвежат. Поэтому осенняя концентрация здесь традиционно самая высокая в году, что дает нам наиболее точные данные по популяции. Как и годами ранее, учет вели с помощью мультиспектрального комплекса разработки АНО “Экологический центр “Экофактор”. Оборудование состоит из двух зеркальных фотокамер с углом обзора 90 градусов, установленных в открытом проеме борта вертолета, и двух внешних экшн-камер. Система непрерывно фиксирует всех хищников по маршруту следования - даже тех, кого человеческий глаз с высоты заметить не способен. Илья Черноок, исполнительный директор АНО “Экологический центр “Экофактор”: Точный учет численности нужен для того, чтобы понимать состояние всей экосистемы заповедника. Белый медведь находится на вершине пищевой цепи: если ему хватает пищи и условий для выведения потомства, значит, в порядке и вся окружающая его среда. “Медвежьи острова” - это уникальное место с высокой плотностью белых медведей, к тому же логистически доступное - всего час лета от поселка Черский. По сути, заповедник служит модельной территорией, по которой можно оценивать состояние всей российской Арктики. Все собранные данные обработает нейросеть: алгоритм исключит повторные фиксации одних и тех же особей, после чего результаты вручную проверят ученые. Итоговые данные представят в 2027 году на юбилейном X Международном форуме «Вселенная белого медведя». Напомним, авиамониторинг белого медведя с применением мультиспектрального комплекса проводится в заповеднике “Медвежьи острова” в третий раз. В 2023 году специалисты зафиксировали 175 особей, в 2025 году - 182. Результаты текущего года позволят сформировать базовую многолетнюю статистику по состоянию популяции на этой заповедной территории. @lenapillarsnationalpark Подписывайся на нас в MAX и в VK



+3
Үөһээ Бүлүү улууһугар техникум устудьуоннарын икки ардыларыгар тыҥааһыннаах күрэх тэрилиннэ. https://vkvideo.ru/video-211137588_456268355?list=4c274156fbf32b0ad8 nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Арктика оройуоннарыгар таһаҕаһы таһыы түмүктэнэн эрэр Ол курдук, Арктика оройуоннарыгар сүрүн таһаҕаһы тиэйии балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
Навигация саҕаланыытыттан 712 тыһ туонна кэриҥэ таһаҕаһы тиэйэн тириэртилэр Балаҕан ыйын 21 күнүнээҕи дааннайынан, навигация саҕаланыаҕыттан Саха сирин наадатыгар 711 971 туонна таһаҕас тиэрдилиннэ. Бу туһунан СӨ Гражданскай көмүскэлгэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: sakha.gov.ru nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube