😷Дьокуускай уһуйааннарыгар, оскуолаларыгар харантыын биллэрдилэр Киин куорат оскуолаларыгар уонна уһуйааннарыгар грипп уонна ОРВИ ыарыы ахсаана элбээбитинэн харантыын биллэрилиннэ. Бу туһунан уопсай куораттааҕы мунньахха иһитиннэрдилэр. Икки оскуола толору сабылынна — 13 №-дээх орто оскуола уонна В.П. Ларионов аатынан физико-техническай лиссиэй. Эбии аҕыс оскуолаҕа сорох кылаастар сабыллыбыттар. Ааспыт нэдиэлэҕэ 13 №-дээх «Светлячок» уһуйаан сороҕо сабыллыбыта. Куоракка грипп уонна ОРВИ ыарыы ахсаана нэдиэлэ иһигэр 2,4 төгүл элбээбит уонна ыарыы эпидемиологическай боруогун 64% куоһарбыт. Куорат дьаһалтатын дааннайынан, балаҕан ыйын 7-13 күннэригэр уопсайа 5495 түбэлтэ бэлиэтэммит. Оҕолор ортолоругар ыарыы ахсаана элбээбитэ бэлиэтэнэр. 7-14 саастаахтарга 3,7 төгүл улаппыт, оттон 3-6 саастаахтарга, 15 саастарыттан үөһэ — 2,2 төгүл. Нэдиэлэ устата 15 тыһ. тахса киһи грипп утары быһыы ылбыт. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube