🥩Горнайга 78 саастаах ытык кырдьаҕас СВО кыттыылаахтарыгар «тушёнка» бэлэмниир Анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьоҥҥо көмөлөһөн, кыайыыны чугаһатар баҕа санаалаах 78 хаарын уулларбыт Кэптинтэн төрдүлээх Бэрдьигэстээх нэһилиэгин ытык олохтооҕо, сибээс үлэтин бочуоттаах үлэһитэ Константин Заровняев тайах этиттэн дойдуларын сүмэһинин иҥэрбит «тушёнка» буһаран бэлэмниир. Константин Филипповичка кини баҕа санаатын өйөөн, үтүө санаалаах дьон байанай бэлэҕиттэн 30 киилэ эмис эти тиксэрбиттэр. Онтунан биирдии буһарыытыгар 12-14 устуука «тушёнка» оҥорон таһаарар. Мантын Горнайдааҕы эти таҥастыыр сыахха туттаран салгына суох аппараатка бакыакка суулаттарар, уһун кэмҥэ буорту буолбатын хааччыйар. Аҕыйах хонугунан Горнай улууһун бөлөҕө анал байыаннай дьайыы сиригэр тиийэн биир дойдулаахтарыгар тиксэриэхтэрэ, туттарыахтара. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube