ЯКУТИЯ: ВСЁ ПРО СВО

@yakutiavseprosvo · news · Russian · active

Subscribers 11.7K Subscribers, last 30 days: 11.7K → 11.7K +0 24h
Reach per post (ERR) 7.7%896 avg views
Posting 2.2/day last 2 days ago
Reactions per 1K views 9.3 👍 ❤ 🙏
repost from "ЭРКЭЭЙИ" Новости Мегино-Кангаласского улуса

“Дойдум – тирэҕим” аахсыйаҕа дьон-сэргэ көхтөөхтүк кытынна 💪 Майаҕа Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинигэр алтынньы 20 күнүгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмөҕө аналлаах “Дойдум – тирэҕим” аахсыйа кэнсиэр буолла. Бу киэһэ бары биир сомоҕо күүс буолан уһуйаан, оскуола оҕотуттан саҕалаан, ыччаттан аҕам саастаах дьонугар тиийэ бөлөхтөрүнэн ыллаан-үҥкүүлээн дьоро киэһэни бэлэхтээтилэр. 🤝 Аахсыйаҕа барыта сүүрбэ үс тэрилтэ кыттан биирдии күннээх хамнастарын уктулар. Ону сэргэ, Парасковья Алиева салайааччылаах “Кэскил”, Марианна Афанасьева салайааччылаах “Лесопуун” түөлбэлэр, Екатерина Мосоркина салайааччылаах “Алгыс”, Людмила Неустроева салайааччылаах “Оһуохай” түмсүүлэр итиэннэ биирдиилээн дьон көхтөөхтүк кыттан, Кыайыы кэлэрин туһугар кылааттарын киллэрдилэр. Аахсыйаҕа кыттыбыт хас биирдии киһи көмөтө анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга тугунан да кэмнэммэт өйөбүл, тирэх буолар. ❤️ Ааҕар-суоттуур хамыыһыйа иһитиннэриитинэн улахан сууманы биэрбит аҕыйах тэрилтэни ааттыыр буоллахха, улуустааҕы киин балыыһа кэлэктиибэ 150000 солк. харчынан, реанимация, гинегология, хирургия отделениелара хоруопкалаах эмтэри, “Кэнчээри” уһуйаан үлэһиттэрэ 176000, И.Г.Тимофеев аатынан лиссиэй 171000, М.К.Попова аатынан ускуустуба оскуолата 135190 солкуобайы, үөрэтэр-оҥорон таһаарар тэрилтэ кэлэктиибэ 115200, Д.Ф.Ходулов аатынан култуура киинин үлэһиттэрэ 113200,27 солк., “Сардаана” уһуйаан үлэһиттэрэ 76000, улуус баайын-дуолун уонна сирин-уотун салайар тэрилтэ 68700, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрин “Харыстаана” түмсүүтэ 35500 солкуобайы туттарбыттар. 🙏 Бу киэһэ аахсыйа кэнсиэргэ барыта 2208314,45 солкуобай харчы киирдэ. Сиһилии уонна элбэх хаартысканы БУ СИГЭНЭН киирэн билсиҥ ⬅️ Аахсыйа хаамыытын устуу Рутуб ханаалга СИГЭТЭ ⬅️ 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii @gazetaerkeii @ulusmedia

Views over time

02505007501K22 Oct 02:4712 Nov 00:2887222 Oct 02:47: 0 views12 Nov 00:28: 872 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
22 Oct 2026, 02:470
12 Nov 2026, 00:28872

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.