🪖🏆ССРС Дьоруойа Ф.М. Охлопков аатынан ыраахтан ытыыга турнир саҕаланна Дьокуускай куоракка «Сулус» үөрэтэр-ытар кииҥҥэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Быйылгы күрэх норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах ыытыллар. 166 ытааччы кыттар – СВО кыттыылаахтара, гражданскай, быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ. Турнир РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев өйөбүлүнэн сылтан сыл аайы сайдан иһэр. Быйыл бастакытын уолаттарга кыра саанан ытыыга турнир ыытыллар. Уһун Илин 11 регионуттан 33 оҕо кыттар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube