ЯКУТИЯ: ВСЁ ПРО СВО

@yakutiavseprosvo · news · Russian · active

Subscribers 11.7K Subscribers, last 30 days: 11.7K → 11.7K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 7.9%924 avg views
Posting 2.1/day last 3 hours ago
Reactions per 1K views 8.9 👍 ❤ 🙏
repost from "ЭРКЭЭЙИ" Новости Мегино-Кангаласского улуса

🙏 Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрин улуустааҕы ыспартакыйаадата ыытылынна ❤️ Аллараа Бэстээххэ «Парус» успуорт уораҕайыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэрэ уонна волонтердара кыттыылаах улуустааҕы ыспартакыйаада буолла. 🤝 Тэрээһин кыттыылаахтарын, ыалдьыттарын, тэрийээччилэрин улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияҕа миниистирэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Петр Шамаев, «Вместе к Победе» хамыыһыйа өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаабын сүрүннүүр киинин салайааччыта, Донбасска көмө уонна өйөбүл Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын дириэктэрэ Георгий Куркутов, Дьокуускайдааҕы «Патриот» Ресурснай киинин отделын салайааччыта Дьулусхан Павлов, «Харыстаана» Майатааҕы уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Владлена Павлова эҕэрдэлээтилэр, наҕараадалары туттардылар. Бэлиэ түгэҥҥэ ыспартакыйаада сүрүн тэрийээччилэрин «Харыстаана» Майатааҕы уопсастыбаннай түмсүү былааҕа маҥнайгытын өрө көтөҕүлүннэ. 🤝 Күн устата нэһилиэктэртэн кэлбит 12 хамаанда, уопсайа 60 кэрэ аҥаардар дартска, хабылыкка уонна хаамыскаҕа, корнхолга, хомуур күрэскэ, эстэпиэтэҕэ олус көхтөөх кыттыыны ыллылар. ❤️ Владлена Павлова, «Харыстаана» Майатааҕы уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ: – 2022 сылтан анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Майа сэлиэнньэтигэр СВО кыттыылаахтарын ийэлэрэ, кэргэннэрэ буоламмыт «Харыстаана» уопсастыбаннай түмсүү тэриммиппит. Бу ыспартакыйаадабыт биһиги бэйэ-бэйэбитин чугастык билсэрбитигэр, өйдөһөрбүтүгэр, өссө түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буоларбытыгар көмөлөһүө, – диэн иһитиннэрдэ. 📲 «Эркээйи» в MAX: https://max.ru/channel_Erkeii Сиһилии ⬅️ @gazetaerkeii @ulusmedia

Views over time

05001K1.5K23 Sep 01:3612 Nov 00:281.6K23 Sep 01:36: 0 views12 Nov 00:28: 1,580 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
23 Sep 2026, 01:360
12 Nov 2026, 00:281.6K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.