СВО-ҕа Саха сириттэн сылдьар байыастарга нэдиэлэ иһигэр 36 баһыылка тиэрдилиннэ Фронт устатын тухары байыаннай чаастар быстах дислокацияламмыт пууннарыгар Саха сирин тирэх пууннарын үлэһиттэрэ нэдиэлэ иһигэр 12 тахсыыны оҥордулар. Байыаннай сулууспалаахтарга 36 аадырыстаах баһыылка тиэрдилиннэ. Бу туһунан «Юстас» диэн позывнойдаах СВО балаһатыгар өрөспүүбүлүкэ тирэх пууннарын сүрүн координатора брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. «Саха сирин байыаннайдарыгар УАЗ мааркалаах биир массыына тиэрдилиннэ. Өрөмүөннүүр бөлөх механиктара биир анал тиэхиньикэни оҥордулар уонна 11 тиэхиньикэ бойобуой бэлэмин чөлүгэр түһэриигэ үлэлииллэр», — диэн спикер эттэ. Кини этэринэн, фроҥҥа сураҕа суох сүппүт өрөспүүбүлүкэ байыаннайдарын көрдөөһүн тиһиктээхтик ыытыллар. «РФ Оборуонаҕа министиэристибэтин Сүрүн координационнай киинин бэрэстэбиитэллэрин кытта хардарыта үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ сураҕа суох сүппүт байыастарын идентификациялааһыҥҥа уонна сүтэрбит төрүөттэрин быһаарыыга наадалаах миэрэлэр ылыллаллар», — диэн «Юстас» түмүктээтэ. СВО кыттыылаахтарын өйүүр үлэни «Вместе к Победе!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа сүрүннүүр, бу үлэни Ил Дархан Айсен Николаев салайар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube