❄️⛄️Томороон тымныылаах уһун кыһыннаах сахабыт сирин дьоно хаарбытын өрүү сонургуу, үөрэ көрсөбүт. Маҥнайгы хаар түстэр эрэ оҕолуун-кырдьаҕастыын сүргэни көтөҕөр, оҕо сааһы эргитэр хаар киһи оҥорор дьон үгүстэр. Бүгүн сарсыарда сир-дойду көмнөх хаарынан бүрүллэн, тула сырдыы түстэ. Ватсап ситимигэр номнуо сэргэх сирэйдээх хаар киһилэр туртастылар. Тумул бөһүөлэгэр олорор, түөрт оҕолоох ийэ Саина Илларионова чочуйбут хаар киһитин сэргээҥ. Итиэннэ интэринээт оҕолоро кирилиэс маһыгар дьоҕусчаан хаар киһини оҥорон ааспыттар. Усть-Алдан