Sakhapress

@sakhapress1 · news · Russian · active

Subscribers 8.2K Subscribers, last 30 days: 8.2K → 8.2K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.7%300 avg views
Posting 21.5/day last 32 minutes ago
Reactions per 1K views 8.0 👍 ❤ 😱
repost from Дим Димыч ЯКУТСК

Итэҕэлгит иһин махтал! Бэҕэһээ Дьокуускай куорат спортивнай тустууга федерациятын отчуоттуур-быыбардыыр конференциятыгар миигин салайааччынан таллылар. Айсен Сергеевич Николаев куорат баһылыга эрдэҕинэ мин бу тэриллиигэ солбуйааччыннан бэриниилээхтик үлэлээбитим. Бэйэм тустууннан дьарыктамматаҕым да буоллар, миэхэ бу спорт көрүҥэ чугас - төрөппүт аҕам тустууннан олус үлүһүйэр этэ. Ону тэҥэ мин солбуйааччыларбын уонна атын дуоһунастарга аһаҕас куоластааһын түмүгүнэн салайааччылары таллыбыт. Киин куоракка көҥүл тустуу салгыы сайдыытыгар инники соруктары туруордубут. Биһиги кэккэбитигэр конференцияҕа кытынна Нагоеҕа ыытыллыбыт Азия оонньууларын боруонса призера Айаал Белолюбскай. Билигин кини аан дойду чемпионатыгар бэлэмнэнэр. Бу маннык чаҕылхай ситиһиилэр, Дьокуускай куораты уонна Саха Сирин ааттатар кыайыылар элбии туралларын туһугар биһиги өссө күүскэ үлэлиэх тустаахпыт. Сылбыт ситиһиилээх, таһаарыылаах буоллун! Өссө төгүл махтанабын!

Views over time

01002003008 Oct 00:1510 Nov 07:542928 Oct 00:15: 0 views10 Nov 07:54: 292 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
8 Oct 2026, 00:150
10 Nov 2026, 07:54292

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.