Сахапарламент.ру

@sakhaparliament · news · Kazakh · active

Subscribers 667 Subscribers, last 30 days: 669 → 667 −1 24h · −2 7d
Reach per post (ERR) 1.9%13 avg views
Posting 4.6/day last 50 minutes ago
Reactions per 1K views 0.6 ❤
repost from ЧУРАПЧА Live

#успуорт #кыайыы 🏆🥇 Уруй-туску Никита Хабаровка! Саха сирин аатын-суолын үрдүктүк тутан, Кыргызстаҥҥа ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы Көс омуктар оонньууларыгар хапсаҕайга муҥутуур кыайыылаах буолбут Никита Хабаровка эҕэрдэ бастыӈа буоллун! Муома хайаларын ньургун уола, төрүт өбүгэлэрбит сымса быһыыларын, күүстэрин-уохтарын уонна модун санааларын чаҕылхайдык көрдөрөн, дьиҥнээх бухатыыр буоларын итэҕэттэ. Кини курдук чулуу бөҕөстөр баар буоланнар, хапсаҕайбыт аан дойдуга ааттатар. Утарылаһааччыларын барыларын умса тардан, төрүт саха албаһынан сири буллартаан кыайталаата. Никитаҕа өссө да үрдүктэн үрдүк чыпчааллары, кыайыыны-хотууну, туйгун доруобуйаны баҕарабыт! Алгыспыт тиийдин, күүһүҥ-күдэҕиҥ уостубатын! @sanaoloh #СэмэнЖендринскэй @ulusmedia

Views over time

05107 Sep 02:0912 Nov 19:20107 Sep 02:09: 0 views12 Nov 19:20: 10 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
7 Sep 2026, 02:090
12 Nov 2026, 19:2010

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.