Пряная Якутия

@pryanayayakutia · active

Subscribers 22K tracking since 27 Oct
Reach per post (ERR) 6.7%1.5K avg views
Posting 38.6/day last 4 days ago
Reactions per 1K views 7.8 👍 😱 ❤
repost from УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"

Убаастабыллаах Уус Алдан улууһун олохтоохторо! Балаҕан ыйын 12 күнүгэр Курбуһах нэһилиэгин элбэх оҕолоох Ивановтар дьиэ кэргэннэрэ олорор дьиэлэрэ уокка былдьанан, турар бэйэлэрэ эрэ хааллылар. Кыстык тирээн турдаҕына таҥнар таҥастара, аһыыр астара, дьиэтээҕи мала-сала суох хааллылар. Онон аһыныгас санаалаах Уус Алдаммыт дьоно-сэргэтэ харчынан, аһынан-таҥаһынан уонна үөрэх тээбирининэн көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт. Лукерья таҥаһын мээрэйэ 56-58, атаҕын таҥаһа 41-42; Михаил таҥаһын мээрэйэ 48-50, атаҕын таҥаһа 39-40; Виталий, устудуон таҥаһын мээрэйэ 48, атаҕын таҥаһа 42; Милена, 3 кылаас таҥаһын мээрэйэ 38-40, атаҕын таҥаһа 37-38; Миша, 5 саастаах, уҥуоҕун үрдүгэ 120, атаҕын таҥаһа 31. Харчынан көмөҕүтүн 89681566343 Сбербаҥҥа ыытаарыҥ, хайаан да “матпомощь” диэн эбии суруктуургутун умнумаҥ. Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ!

Views over time

05001K1.5K15 Sep 07:3527 Oct 10:041.3K15 Sep 07:35: 0 views27 Oct 10:04: 1,290 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
15 Sep 2026, 07:350
27 Oct 2026, 10:041.3K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.