Пряная Якутия

@pryanayayakutia · active

Subscribers 22K tracking since 27 Oct
Reach per post (ERR) 6.7%1.5K avg views
Posting 36.8/day last 5 days ago
Reactions per 1K views 7.7 👍 😱 ❤
repost from Шамаев Петр

«Тэҥнээх кэпсэтии» бырайыак чэрчитинэн «Сайдар кэмп» лааҕыр кыттыылаахтарын кытта көрүстүм. М. К. Аммосов аатынан ХИФУ өйөбүлүнэн «ZЕМА» ыччат түмсүүтэ тэрийбит, абитуриеннарга уонна бастакы куурус устудьуоннарыгар аналлаах лааҕырга быйыл Саха сирин араас улуустарыттан 520 оҕо кытынна. Икки нэдиэлэ устата кинилэр интерактивнай былаһааккаларга, спортивнай уонна айар тэрээһиннэргэ кытыннылар, бэйэ-бэйэлэрин кытта билсистилэр уонна саҥаны биллилэр-көрдүлэр. Үгүстэргэ бу лааҕыр үлэтэ куоракка олохсуйууга, бэйэни салайыныыга бастакы уопутунан буолла. Маннык көрүҥ ыччаттар куорат олоҕор түргэнник үөрэнэллэригэр, доҕоттору булуналларыгар көмөлөһөр. Көрсүһүү кэмигэр устудьуоннар олох-дьаһах, идэни талыы, үлэҕэ бастакы хардыылары оҥорууга сыһыаннаах боппуруостар тула санаа атастастылар. Мин бэйэм үөрэммит сылларым, идэбин саҕалаабыт кэмнэрим туһунан ахтан-санаан, уопуппун үллэһинним. Устудьуоннарга ситиһиилээх үөрэҕи, саҥа доҕоттору, интэриэһинэй бырайыактары уонна бэйэлэригэр эрэллээх буолалларыгар баҕарабын! Бу саҥа олох түһүмэҕэ элбэх кыаҕы, билиини, чаҕылхай ситиһиилэри аҕаллын! https://max.ru/channel_PetrShamaev

Views over time

05001K1.5K24 Aug 06:4327 Oct 10:041.4K24 Aug 06:43: 0 views27 Oct 10:04: 1,350 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
24 Aug 2026, 06:430
27 Oct 2026, 10:041.4K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.