Пряная Якутия

@pryanayayakutia · active

Subscribers 22K tracking since 27 Oct
Reach per post (ERR) 6.7%1.5K avg views
Posting 36.6/day last 6 days ago
Reactions per 1K views 7.7 👍 😱 ❤
repost from СТЕПАН САРГЫДАЕВ

Бүгүн, атырдьах ыйын 15 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлинэн уонна Ил Дарханынан өр сылларга тахсыылаахтык үлэлээбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ, Арассыыйа Федерациятын Сэбиэтин сенатора, үрдүк бэриниинэн, итии тапталынан төрөөбүт дойдутугар үгүс үтүөнү, дьоһун көмөнү оҥорбут ытыктабыллаах биир дойдулаахпыт Егор Афанасьевич Борисов төрөөбүт күнүнэн тапталлаах Чурапчытын бар дьонун, салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик, истиҥник эҕэрдэлиибин! Киһи, үлэһит, салайааччы, судаарыстыбаннай диэйэтэл буола үүммүт төрөөбүт-үөскээбит Чурапчыҥ улууһун сайдыытын бары хайысхаларыгар, биир дойдулаахтарыҥ олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтиигэ киллэрбит улахан кылааккын биһиги дириҥник сыаналыыбыт. Бар дьонуҥ эйигин элбэх оҕолоох ийэ улахан оҕотун быһыытынан үрдүк эппиэтинэһи өрө тутан улааппыт үтүө майгыгын, дьон-норуот туһугар билиигин-көрүүгүн барытын уурар, үлэҕэ бэриниилээх, ырааҕы көрөр салайааччы буоларгын билэр уонна ытыктыыр. Чурапчыҥ сириттэн аан бастаан салайааччы буолан үүнэн-сайдан, сириэдийэн тахсыыгар олук уурбут дойдуҥ ытык дьонун ыллыктаах тыла олоххор, үлэҕэр алгыстаах аргыс, бигэ тирэх буоллун! Эйиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэр или-эйэни, сылаас сыһыаны, кытаанах доруобуйаны, уһун, дьоллоох олоҕу, дойдуҥ, дьонуҥ туһугар улахан суолталаах үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!

Views over time

05001K1.5K15 Aug 01:2727 Oct 10:041.5K15 Aug 01:27: 0 views27 Oct 10:04: 1,510 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
15 Aug 2026, 01:270
27 Oct 2026, 10:041.5K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.