Поскачин В.С.

@poskachinvs · news · Kazakh · active

Subscribers 2.7K Subscribers, last 30 days: 2.7K → 2.7K +0 24h
Reach per post (ERR) 19.8%536 avg views
Posting 8.6/day last 9 hours ago
Reactions per 1K views 7.1 💯 ❤ 👍

... Аптаах ааны арыйан Ааспыт кэмҥэ тиийэбин: Ийэм-аҕам тапталын Илгэтигэр умсабын... Сырдыгынан сыдьаайан, Сылааһынан илгийэн, Улам көстөн кэллилэр Умнуллубат кэрчиктэр. Оһох уота тыһыргыыр, Оргууй ийэм ыҥырар, Остуол тула олордор, Оскуолаҕа тиэтэтэр. Эбэм күөрчэх ытыйар, Аҕам хаһыат арыйар, Сарсыардааҥы кэпсэтии, Сарсыҥҥыны кэтэһии... Оҕо сааһым иннибэр Ойуоккалаан бу тиллэр, Күннээх кэми санатар, Күлэн-үөрэн чаҕаарар. Халлаан өҥө ып-ыраас, Күммүт уота сып-сылаас, Тула өттүм сып-сырдык, Дьоллоох этим, дьэ, кырдьык! Оҕо сааспар тириэрдэр Орох суолум тыргыллар, Кэрэ кэпсээн салҕанар, Кинигэҕэ тиһиллэр!.. ... Ааспыт кэми санааммын Аргыый үөһэ тыынабын, Аптаах ааммар төннөбүн, Ааммын аргыый сабабын... (СыкКыС, 06.10.2017)

Views over time

020040060018 Oct 11:0811 Nov 01:3759818 Oct 11:08: 0 views11 Nov 01:37: 598 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
18 Oct 2026, 11:080
11 Nov 2026, 01:37598

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.