Бу үөһээҥҥи видеоҕа тыа оҕотун 70-80 сыллардааҕыны кэпсээтэ быһыылаах. 90-с сылларга да ити курдук этэ. Мин итини барытын бэккэ билэбин. Арай хотоҥҥо аҕыйахтык сылдьыбыт буолуохтаахпын уонна спортзал өттө мөлтөх этэ. Атына оруобуна. Билиҥҥи кэм ирдэбилэ атын буоллаҕа дии. Кыанар ыал үксэ благоустроеннай дьиэ тутталлар, дьиэ мала-сала толору. Баччааҥҥа диэри дэриэбинэлэргэ барыларыгар газ уонна кыһыннары-сайыннары суол тиийбэтэҕэ хомолтолоох. Дьиҥинэн ону оҥорор кыах да, харчы да бу кэнники сүүрбэччэ сылга республикаҕа баар этэ. Арааһа ол бу билиҥҥи салаҥ салалта оннугар атын көрүүлээх дьон кэллэхтэринэ эрэ кыаллар буолла быһыылаах. Тыа сирин олоҕо тубустаҕына, олорорго табыгастаах буоллаҕына эрэ ыччат дьон төттөрү тыаҕа төннүөхтэрэ. Били Расул Гамзатов эппитин куруук саныыбын: «В селе живет народ, а в городе — население» - диэбитин.
Поскачин В.С.
Subscribers
2.7K
+0 24h
Reach per post (ERR)
19.8%536 avg views
Posting
8.6/day
last 9 hours ago
Reactions per 1K views
7.1
💯 ❤ 👍
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 14 Oct 2026, 05:32 | 0 |
| 11 Nov 2026, 01:37 | 649 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.