Поскачин В.С.

@poskachinvs · news · Kazakh · active

Subscribers 2.7K Subscribers, last 30 days: 2.7K → 2.7K +0 24h
Reach per post (ERR) 19.8%537 avg views
Posting 8.6/day last 17 hours ago
Reactions per 1K views 7.0 💯 ❤ 👍

Ньургуйаана Заморщикова, НВК САХА ханаалга тыа хаhаайыстыбатын сыйдыытын туhунан дебакка кыттыбыт кэрчигэ: Ытыктабыллаах өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо! Тыа сирэ диэн тугуй? Бастакынан — тыа хаһаайыстыбата! Тыа хаһаайыстыбата суох буоллаҕына, нэһилиэк сүрүн өйдөбүлэ сүтэр (наадата суох буолар кутталланар.) Тыа олохтооҕо мындыр өйдөөх, аны нэһилиэк нэһилиэк тус-туһунан кыахтаах, потенциаллаах: ынах-сүөһү, сылгы, таба эрэ иитиитэ диэбэккэ, урбаан атын көрүҥнэрин тэрийэр кыахтаахтар. Дьоҕус производствоны ханнык баҕарар хайысхаҕа тэрийиэххэ сөп. Конкуренция баар буолуохтаах — ким эрэ иистэнэр, ким эрэ мебель оҥорор, торт астыыр, мас переработкалыыр — көрүҥ элбэх буолуохтаах, ону сайыннарарга кыһаллыахтаахпыт. 2027 сылга 5 млрд 807 млн көрүллэр. Үс төгүл кыччаабыт. Үүт-эрэ ыларга буолбакка, барытыгар. Тоҕо ону Олохтоох дьаһалтаҕа быһаччы биэрэр сатамматый? Олохтоох бэйэни салайыы дьиҥнээх самоуправлениелаах буолуохтаах. Нэһилиэк баһылыга уонна депутаттара быыбарданыахтаахтар. Ол талыллыбыт дьоҥҥо биһиги кыах биэриэхтээхпит. Ол аата – нэһилиэк бюджетыгар сыл аайы тыа хаһаайыстыбатыгар ананан көрүллүбүт үп-харчы нэһилиэктэргэ быһаччы бэриллиэхтээх. Депутаттар ол харчы туора-маара хамсаабат гына хонтуруоллуохтаахтар. Бэйэлэрэ дьаһанныннар ээ. Тоҕо минсельхозтар мантан куораттан дьаһайыахтаахтарый? Итиннэ барытыгар олоҕуран туран, түмүкпэр этэбин: Мин Госдумаҕа талыллар түгэммэр, аграрнай кэмитиэккэ тыа хаһаайыстыбата дьонун олоҕо тупсарын туһугар үлэлээри барабын.

Views over time

02004006008 Sep 08:4111 Nov 01:376368 Sep 08:41: 0 views11 Nov 01:37: 636 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
8 Sep 2026, 08:410
11 Nov 2026, 01:37636

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.