Аны икки сылынан 100 сыллаах юбилей бэлиэтэнэр эбит. Саха туһугар икки улуу педагогтар биир кэмҥэ үөскээн, биир периодка үлэлээн-хамсаан ааспыттар. Уонна иккиэн тыа улуустарыгар. Дмитрий Коркин уонна Михаил Алексеев. Кинилэр тустарынан истибэтэх, билбэт саха суох ини. Мин Михаил Алексеев оскуолатыгар үөрэммит дьоллоохпун. Онон Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэммит оҕолор син биир биһиги курдук улуу учууталларын, тренердэрин төһөлөөх таптыылларын, ытыкталлыылларын өйдүүбүн. Бары Дмитрий Петрович аймахтарын, үөрэнээччилэрин, бииргэ үлэлээбиттэрин, саха тустууктарын уонна тустуу, спорт сүгүрүйээччилэрин бу Улуу тренер төрүөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибин! Саха спорда сайда турдун! Кыайыы-хотуу кэлэ турдун! Албан ааппыт аатыра турдун!
Поскачин В.С.
Subscribers
2.7K
+0 24h
Reach per post (ERR)
19.8%537 avg views
Posting
8.6/day
last 17 hours ago
Reactions per 1K views
7.0
💯 ❤ 👍
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 5 Sep 2026, 04:16 | 0 |
| 11 Nov 2026, 01:37 | 630 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.