Ульяна Алексеевна Винокурованы кытта мин бастакы созывка Ил Түмэн Үөһээ Палататыгар бииргэ депутаттаабыппыт. Кини Орто Халыматтан, мин Үөһээ Бүлүүттэн. Бастакы созыв депутаттарыгар элбэх биллиилээх, чаҕылхай дьон бааллара. Олор истэригэр кини бэйэтин баарын биллэрэр, сүрдээх бойобуой депутат буолааччы. Бастакы созывка Конституция ылыллар буолан улахан элбэх киирсиилэр, мөккүһүүлэр оргуйан олорооччулар. Онно кини симиттэн олорбокко бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр, хорсун депутат этэ. Ордук хоту улуустар кыһалҕаларын күүскэ туруорсарын өйдүүбүн, биир чаҕылхай, киһи өйүгэр хатанан хаалар депутат этэ. Кэнники кини научнай үлэтинэн күүскэ үлэлээбитэ. Ордук этнопсихологияны хасыһар эбит этэ. Баҕар ким эмит сөбүлүө суоҕа да буоллар баар чахчыны кэпсиибин. Биирдэ кэпсэтэ олордохпутуна эттэ: "Болуодьа, мин биир дьиктини арыйдым, биллим, уонна улаханнык соһуйан уонна мунааран олоробун" - диэтэ. Онтон син биир кимиэхэ эрэ кэпсиэн наада быһыылаах, эттэ: "Дьэ доҕор, бу этнопсихологияннан дьарыктана сылдьаммын природную агрессивность народов үөрэттим. Мин саха курдук сытыары сымнаҕас, "сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт" дьон сир үрдүгэр бэрт аҕыйах буолуохтаахпыт диир этим. Онтум доҕор, коэффициент агрессивности Россия омуктарыттан саамай улахан биһиэхэ эбит, мин дэлби соһуйдум, хомойдум даҕаны диэхпин сөп"- диэбитэ. Ол онон хаалбыта, салгыы ол билбитин аһаҕастык научнай үлэтигэр киллэрбитин суоҕун билбэппин... Саха туһа диэн олоҕун олорбут биир киһибит бу олохтон барда. Быдан дьылларга быраһаай, Ульяна Алексеевна.
Поскачин В.С.
Subscribers
2.7K
+0 24h
Reach per post (ERR)
19.8%537 avg views
Posting
8.6/day
last 18 hours ago
Reactions per 1K views
7.0
💯 ❤ 👍
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 3 Sep 2026, 06:44 | 0 |
| 11 Nov 2026, 01:37 | 701 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.