Поскачин В.С.

@poskachinvs · news · Kazakh · active

Subscribers 2.7K Subscribers, last 30 days: 2.7K → 2.7K +0 24h
Reach per post (ERR) 19.8%537 avg views
Posting 8.6/day last 19 hours ago
Reactions per 1K views 7.0 💯 ❤ 👍
edited

Бу күн, атырдьах ыйын 31 күнүгэр Саха дьонугар улуу үөрүү күнэ тосхойбута. Кыралыын-улаханныын, эдэрдиин-кырдьаҕастыын дьон барыта соһуйбута, үөрбүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Биһиги уолбут Роман Дмитриев Мюнхен куоракка Олимпийскай чемпион үрдүк аатын ылары ситистэ диэн! Бу өрөгөйдөөх кыайыы буолбута 50 сыл ааспыт. Бу даатаҕа аналлаах туох эмит тэрээһин тэрийбиттэрэ буолуо диэн испэр эрэнэ саныыбын. Аҕыйах ахсааннаах саха омуга баарын аан дойду таһымыгар аан бастаан аатырдыбыт сүдү күммүт! Бу бырааһынньык сахаларга национальнай бырааһынньык курдук бэлиэтэнэр күнэ хаһан эмит кэлэр ини. Роман Михайлович Дмитриев дьэ киһи киһитэ этэ. Киэҥэ-куоҥа, билиитэ-көрүүтэ, культурнай таһыма. Мин син элбэхтик көрсүбүт, кэпсэппит киһи быһыытынан этэбин. ... "киэһэ араадьыйа приёмниктаахпытынан Мюнхеҥҥа ХХ Олимпиада оонньууларыгар 48 киилэҕэ көҥүл тустууга ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыттан саха уола Роман Дмитриев олимпийскай чөмпүйүөн буолла диэни истэн үөрүү- көтүү, ыстаҥалаһыы бөҕө буолбуппут. Биир уостаах эргэ саалаахпытынан аҕыйах ботуруоннаахпытынан салют ыттыбыт. Күһүн бастакы кууруска үөрэнэ сырыттахпытына Роман Дмитриев устудьуоннары кытта СГУ кылаабынай куорпуһун аактабай заалыгар көрсүһүүтэ буолбута. Онно ИФФ декана, наука кандидаата, сахалартан көҥүл тустууга бастакы Россия чөмпүйүөнэ, ССРС спордун маастара Николай Антонович Гоголев тыл этэригэр: "Роман Дмитриев сүрдээх муударай, өйдөөх. Ол иһин чөмпүйүөн буолла!"- диэбитин муодаргыы санаабытым. Кэлин эрэ Николай Антонович эппитин өйдөөбүтүм, тустууга, успуорт ханнык баҕарар көрүҥэр көннөрү техника, успуорт маастарыстыбатын, күүс- уох таһынан өй үлэтэ эмиэ бастакыннан ирдэниллэрин..." Бу биир убай ахтыытыттан быһа тардан киллэрдим. Оччотооҕу үөрүү-көтүү салгынын биллэрээри.

Views over time

020040060080031 Aug 07:2711 Nov 01:3764731 Aug 07:27: 0 views11 Nov 01:37: 647 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
31 Aug 2026, 07:270
11 Nov 2026, 01:37647

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.