Поскачин В.С.

@poskachinvs · news · Kazakh · active

Subscribers 2.7K Subscribers, last 30 days: 2.7K → 2.7K +0 24h
Reach per post (ERR) 19.9%538 avg views
Posting 8.6/day last 20 hours ago
Reactions per 1K views 7.3 👍 💯 ❤
edited

Хата бу кыыс бу биир кыбытыктаах закону бэккэ таба көрбүт. Уонна депутат буоллаҕына ити эппитин олоххо киллэрэр кыахтаах дии саныыбын. Аҥаардас бу да туһуттан билиҥҥи оскуола директордара, детсад заведующайдара, балыыһа главнай врачтарын курдук бюджет тэрилтэлэрин салайааччылара Ньургуйаананы өйүөхтээх эбиттэр. Мин бу закону билэбин, ити 278 статья бастакы чааһын атаҕастабыллаах иккис пуунугар олоҕуран тэрилтэ салайааччыларын ыга-түүрэ олорор, бу билиҥҥи былаас. Баары баарынан эттэххэ мин баһылыктаан олорон ити статьяннан биир даҕаны киһини үлэтиттэн тохтохпотоҕум. Билигин иһиттэхпинэ мин оннубар олордубут киһилэрэ бу соторутааҕыта биир директоры ити статьяннан уураппыт уонна өссө киһиргээһиннээх эбит, сууттаһан даҕаны туһаммаккын, мин бу статьяннан элбэх киһини уураппытым диэн. Оннук киһиттэн, оннук дьонтон тугу булан ылыаххыный? Айсен Ньукулаайап үөрэппит үөрэҕэ, кикпит кигиитэ, таптаан туттар ньымата буолуо, сэрэйбит да, билбит да тэҥ.

Views over time

020040060028 Aug 06:4511 Nov 01:3763328 Aug 06:45: 0 views11 Nov 01:37: 633 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Aug 2026, 06:450
11 Nov 2026, 01:37633

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.