Бу наһаа эбит. Ама да буоллар. Бу да иһин атын омуктар сахалары сэнииллэр, "ынах" курдуктар дииллэр. Бу да сырыыга ити омук уолаттара ГАИ-ларга хаһыытыы тураллар. Ол ГАИ-ларбыт бэйэлэрин киһилэрин көмүскэспэккэ ньахчас буолан хаалан баран ити тыа оҕонньорун буруйдаан барбыттар. Дьэ буолар да эбит. Хайдах баччааҥҥа диэри итинник эбитэ буолла... Урут оннук буолааччы. Мин биирдэ, эдэр эрдэхпинэ, студенческай остолобуойга аһыы киирбитим. Оччотооҕуга онно пиво иһэллэр этэ, баҕар көҥүллэммэтэ да буоллар ким да наадыйааччыта суох. Онно хас да остуолга нуучча уолаттара пиво иһэ олороллор. Биир остуолга сахалар пиволыы олороллор. Мин көннөрү аһыы киирдим. Арай олордохпуна икки милиция формалаах саха уолаттара киирэн кэллилэр, уонна тута ол саха уолаттарыгар тиийэн бааһан бардылар. Тоҕо пиво иһэ олороҕутуй диэн. Дьэ һаллыы, Сунтаардыы эттэххэ. Нууччаларга эрэ наадыйбаттар. Мин тиийэммин быһаарыстым, хайдах буоллугут, тоҕо тыытаҕыт диэн. Бэйэбэр ыстаҥалаары гыннылар даҕаны арааһа биллилэр быһыылаах, оччолорго мин ыччаттарга син авторитет этим. Ол кэнниттэн уолаттары ыыталаан баран тахсан баран хаалбыттара. Дьэ хаһан бэйэбит погоннаах уолаттарбыт биһигини көмүскүүргэ бэлэм буолаллара буолла. Киһи да кэлэйиэх...
Поскачин В.С.
Subscribers
2.7K
+0 24h
Reach per post (ERR)
19.9%538 avg views
Posting
8.6/day
last 20 hours ago
Reactions per 1K views
7.3
👍 💯 ❤
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 26 Aug 2026, 12:36 | 0 |
| 11 Nov 2026, 01:37 | 700 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.