Чыаппараҕа тигээйи мүөтүнэн дьарыктанар Тимофеева Күннэй диэн саха политикатыгар эдэр, саҥа тахсан эрэр сулус дии саныыбын. Бэйэтэ пасекалардаах, киириилээх- тахсыыылаах, оҥорон таһаарар урбаанньыт. Кэргэнинээн Айсенныын харахтара умайа сылдьар, интэриэстээх, барытын билиэхтэрин-көрүөхтэрин ба5араллар, кыраттан охтон, толлон барбаттар, билбэттэрин ыйыталаһан, үөрэтэн үлэлии- хамныы сылдьаллар. Күннэй билигин Чурапчы улууһун сайыннарар, үлэлии сылдьар нэһилиэктэрин өрө тардар баҕаттан улуус депутатыгар атырдьах ыйын 18-20 күннэригэр буолаары турар быыбарга "Новые люди" партияттан бэйэтин кандидатуратын туруордубут. Наһаа үчүгэй, сырдык санаалара, эдэр, төрөөбүт дойдутугар сыһыана, кыһаллара, бэйэ оҥорон таһаарар баҕа санаата миэхэ бэйэбин санатар. Биһиги кэргэмминээн Колялыын эмиэ итинник өйөһөн, өйдөһөн саҕалаабыппыт. Чурапчы олохтоохторо, Тимофеева Күннэй кандидатуратын өйөөҥ, итинник ураты санаалаах, сахалыы майгылаах, санаалаах, быһыылаах дьон дойдуларыгар саҥа сүүрээн киллэрэн Сахабыт сирин сайыннарыахтара дии саныыбын.