Поскачин В.С.

@poskachinvs · news · Kazakh · active

Subscribers 2.7K Subscribers, last 30 days: 2.7K → 2.7K +0 24h
Reach per post (ERR) 19.9%539 avg views
Posting 8.7/day last 2 hours ago
Reactions per 1K views 7.3 👍 💯 ❤
edited

Бу киһи тоҕо КПРФ-ка куоластыахтаахпытын "по полочкам" ууран биэрдэ. Ыксаабакка өйдөөн истиҥ эрэ. Мин төһө да лично, киһи быһыытынан Ньургуйаана Заморщикованы өйөөбүтүм иһин, партийнай быыбарга однозначно КПРФ буолуохтаахпыт диибин. Оччоҕуна эрэ дьиҥнээх билиҥҥи Республика салалтатын утарарбыт наглядно көстүөҕэ! Ону өйдөөҥ! Айсен Ньукулаайап күүһүнэн, админресурсун харса суох туһанан Единай Россия партия куттас депутаттарынан обязательнай орто үөрэҕи сотторбутун умнумаҥ! Бу буолар, дьиҥнээх төрөөбүт норуоттарын таҥнарыы. Бу мантан сылтаан уже бу балаҕан ыйыттан оҕо бөҕө, төрөппүт бөҕө түҥ-таҥ түһэн эрэллэр. Саатар ону өйдөөҥҥүтүүй! Хайдах бу көҥүлү туойар сахалар сорохторо кулуттуу санааланан хааллылар? Мин онтон сөҕөбүн эрэ. Чэйиҥ эрэ, көҥүл санаалаах омук, дьон буоларбытын бу быыбарга КПРФ-ка куоластаан илэ көрдөрүөххэ эрэ!

Views over time

025050075017 Aug 15:4411 Nov 01:3774017 Aug 15:44: 0 views11 Nov 01:37: 740 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
17 Aug 2026, 15:440
11 Nov 2026, 01:37740

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.