НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%717 avg views
Posting 21.8/day last 25 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
edited

👏🏻Бүгүн — СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт күнэ Сэтинньи 13 күнүгэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүтэ 89 сыла. Кини Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (Хаҥалас улууһа) Өктөм нэһилиэгэр сэтинньи 13 күнүгэр 1937 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин 1992 сылтан 2002 сылга диэри сатабыллаахтык салайбыта. 2002 -2010 сс. Россия Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын Федерация Сүбэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. 2011-2016 сс. РФ Судаарыстыбаннай Дууматын VI ыҥырыытын депутата. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай сүбэһитэ. Кини 1961 с. Омскайдааҕы судаарыстыбаннай бэтэринээринэй үнүстүтүүтү бүтэрэн, Эдьигээҥҥэ бэтэринээр бырааһынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Ленинскэй Коммунистическай Сойууһун улуустааҕы кэмитиэтин сэкирэтээринэн анаммыта. Салгыы Дьокуускайга комсомол кэмитиэтин бастакы сэкирэтээринэн, Миниистирдэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн тахсыылаахтык үлэлээбитэ. 1989 с. САССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумун бэрэссэдээтэлинэн, онтон Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн ананар. 1991 с. М.Е.Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнинэн талыллар. Михаил Ефимович Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах, саҥа суолга үктэниибитигэр бигэ тирэх буолбут сүдү киһи. Сахалыы мындыр өйдөөх, норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар, долгуйар, туруу үлэһит, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, үтүө суобастаах, саха саарына. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

020040013 Nov 00:3513 Nov 08:4242513 Nov 00:35: 0 views13 Nov 01:39: 156 views13 Nov 06:37: 382 views13 Nov 08:42: 425 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
13 Nov 2026, 00:350
13 Nov 2026, 01:39156
13 Nov 2026, 06:37382
13 Nov 2026, 08:42425

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.