Саха сиригэр «Инфраструктура для жизни» нацбырайыагынан суол 77 килэмиэтирин саҥартылар 2026 сылга Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Инфраструктура для жизни» национальнай бырайыагын чэрчитинэн массыына суолларын нуормаҕа эппиэттиир турукка аҕалар улахан кээмэйдээх үлэ салҕанар. Билиҥҥи туругунан 77,02 км суол оҥоһулунна: 57,42 км — регионнааҕы ситимҥэ, 6,9 км — Дьокуускайга, 12,7 км — кыра агломерациялар сирдэригэр — Алдаҥҥа, Лиэнскэйгэ, Мииринэйгэ уонна Нүөрүҥгүрүгэ. Сыл бүтүүтэ көрдөрүүнү 94,4 км тиэрдэр былаан баар. Сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ Хаартыска: Андрей Меженскай / «Якутия 24» nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube