🎄Дьокуускай Саҥа дьылга бэлэмнэнэр Өрөспүүбүлүкэ киин куората Саҥа дьылга бэлэмнэнэр. Ол курдук, Орджоникидзе болуоссатыгар хайыы-үйэ харыйаны туруоран эрэллэр. Бырааһынньык бэлиэтин үрүҥ хаар, саха оһуора-мандара уонна табалар фигуралара киэргэтиэхтэрэ итиэннэ сүрүн чааһынан «Биэс харах» харысхал буолуоҕа. Оттон Өрөспүүбүлүкэ болуоссатыгар 20 миэтэрэ үрдүктээх Сана дьылааҕы харыйаны бүгүҥҥүттэн саҕалаан туруоруохтара, салгыы 400 шарынан уонна үс килэмиэтир кэриҥэ гирлянданан симиэхтэрэ. Саҥа дьыллааҕы харыйалары ахсынньы 1 күнүгэр араас өҥнөөх уотунан дьиримнэтэн, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл тэрээһиннээхтик барыаҕа. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube