НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h
Reach per post (ERR) 3.0%711 avg views
Posting 21.4/day last 22 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

Ил Дархан СӨ киһи быраабын боломуочунайа Сардана Гурьеваны кытта көрүстэ Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев СӨ киһи быраабын боломуочунайа Сардана Гурьеваны кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта. Көрсүһүү кэмигэр ураты болҕомтону анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөбүлүгэр уурдулар. Сардана Гурьева сураҕа суох сүппүт байыастар дьиэ кэргэттэрин боппуруостарын быһаарыыга үлэ хаамыытын иһитиннэрдэ. Демобилизация кэнниттэн байыастары чөлүгэр түһэриигэ коммерческайа суох тэриллиилэр бырайыактарын гранынан өйүүр туһунан Сардана этиитин дьүүллэстилэр. Ону тэҥэ байыаннай сулууспалаахтар бырааптарын көмүскэлигэр дьаһаллары уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун медицинскэй көмөҕө уонна олорор дьиэҕэ сыһыаннаах боппуруостары көрдүлэр. Айсен Николаев Сардана Гурьеваҕа өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бырааптарын көмүскүүргэ уонна байыастарга, кинилэр чугас дьонноругар бары наадалаах көмөнү оҥорорго соруйда. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

02004006009 Nov 07:1410 Nov 22:065959 Nov 07:14: 0 views10 Nov 22:06: 595 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
9 Nov 2026, 07:140
10 Nov 2026, 22:06595

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.