ОДьКХ уонна энергетика миниистиринэн Сергей Киров ананна Бүгүн, сэтинньи 9 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Сергей Кировы СӨ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын миниистиринэн анаата. Сергей Киров үрдүк үөрэхтээх. Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын институтугар Новосибирскайдааҕы уу тырааныспарын судаарыстыбаннай академиятын филиалыгар «инженер-энергетик» идэни бүтэрбит. «СӨ ОДьКХ» ГУП Эдьигээннээҕи филиалыгар үлэлээн саҕалаабыт. Эдьигээн улууһугар «Сахаэнерго» АУо Киин электрическэй ситимигэр, «Якутскэнерго» ПАУо Киин электрическэй ситимигэр инженеринэн, «Якутскэнерго» ПАУо Энергосбытыгар ведущай инжернеринэн үлэлээбит. 2023 сыл тохсунньутуттан СӨ олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын миниистирин солбуйааччытынан үлэлээбит. Санатар буоллахха, Вячеслав Емельянов атын үлэҕэ барарынан дуоһунаһыттан босхоломмута. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube