🐟Мэҥэ Хаҥалас оскуолаларын үөрэнээччилэрэ муҥхаҕа сырыттылар Бу күннэргэ Нуораҕана сиригэр, Арыылаах Эбэҕэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун 12 оскуолатыттан 140 оҕо муҥхаҕа кыттыыны ылла. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Оҕолор муҥха үөрүүтүн, байанай бэлэҕин бэйэ илиитинэн тутан көрөн, өбүгэ үгэһин ис хоһоонун өйдөөтүлэр. Бу тэрээһин үөрэнээччилэргэ үлэҕэ тапталы, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүүнү уонна төрүт култуурабытыгар ытыктабылы иҥэрдэ. Муҥха үчүгэй түмүктээх буолла — оҕолор үөрүү-көтүү аргыстаах, сүргэлэрэ көтөҕүллэн 10 оҕо иккилии куул илии тутуурдаах тарҕастылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube