🪖🪵Ньурбаҕа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин оттук маһынан хааччыйдылар Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр оттук маһынан хааччыйыыга, мас саһаанын субуотунньугар улуустааҕы спорт управление, Ньурбатааҕы оҕо спортивнай оскуола кэллэктииптэрэ Ньурба куората тэрийбит аахсыйатыгар икки күн кыттыыны ыллылар. 44 ыал сайаапкатынан үгүс тэрилтэ күргүөмүнэн кыстыкка бэлэмнэнии үлэтигэр кыттыһан, олус таһаарыылаах үлэ ааста.Сарсын үһүс күн ыытыллыа. «Саха киһитин сиэринэн мас, муус үлэтигэр бу курдук бары биир санаанан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, аҕам саастаахтарга күүс-көмө буолуоҕуҥ!», – диэн иһитиннэриигэ этиллэр. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube