НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%707 avg views
Posting 21.6/day last 48 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🤩👍Сунтаарга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан «Сардаана» уһуйааҥҥа оҕону сайыннарар эйгэ арылынна Сунтаар улууһугар олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама (ППМИ) чэрчитинэн олоххо киирбит үс кыайыылаах бырайыактан биирдэстэрэ — «Сардаана» уһуйааныгар оҕону эргиччи сайыннарар табыгастаах эйгэ баар буолла. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу бырайыак олоххо киириитин түмүгэр, уһуйааҥҥа оҕо саҥарар саҥатын, толкуйдуур дьоҕурун уонна бытархай моторикатын сайыннарар аныгы анал оборудованиелар турдулар. Улуус үрдүнэн оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору көрөр-истэр 30-тан тахса тэрилтэ баар. Оттон «Сардаана» уһуйаан оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр сыаллаах үлэлиир соҕотох анал хайысхалаах тэрилтэнэн буолар. Сайыннарар эйгэ арыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев кыттыыны ылла. Кини кэнчээри ыччат чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар түмсүүлээх үлэ ураты суолтатын бэлиэтээтэ. «Кэнчээри ыччаппыт чэгиэн-чэбдик буоларын туһугар бары биир сомоҕо буолан үлэлээтэхпитинэ эрэ ситиһиилээх буолуохпут», — диэн улуус баһылыга эттэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

02505007501K2 Nov 05:5910 Nov 22:068502 Nov 05:59: 0 views10 Nov 22:06: 850 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
2 Nov 2026, 05:590
10 Nov 2026, 22:06850

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.