Төрүт култуураны харааннааччыларга Ил Дархан истипиэндьийэтэ туттарыллыаҕа 2022 сылтан төрүт култуура нэһилиэстибэтин судаарыстыба таһымыгар өйүүр туһугар Ил Дархан истипиэндьийэтэ ананар. Бу биллиилээх олоҥхоһуттар, тойуксуттар, оһуокайдьыттар, тимир уустара уонна норуот маастардара. Быйыл истипиэндьийэни сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ тойуксукка, сэттэ тимир ууска уонна сэттэ норуот маастарыгар туттараллар. Бу туһунан СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Истипиэндьийэ сыл устата ый аайы төлөнөр буолар. Кээмэйэ – 30 тыһ. солк. Истипиэндьийэни ылыыга сайаапкалары сэтинньи 10 күнүгэр диэри ылыахтара. Сайаапканы туталлар: Дьокуускай к., Ленин пр. 30 (2 №-дээх Бырабыыталыстыба дьиэтэ), 3 этээс, 306 хос. Хамыыһыйа эппиэтинэстээх сэкирэтээрэ: Евгений Владимирович Ефимов Билсэр нүөмэрдэр: 8 (4112) 32-65-91, 8 (962) 738-66-29. Хаартыска: ЯСИА nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube