🏹🚩Ыччат уонна урукку хомсомуоллар төрүт ох саанан ытыыга күрэхтэстилэр Алтынньы 29 күнүгэр Сунтаар улууһугар төрүт ох саанан ытыыга күрэх буолан ааста. Манна эдэр кэскиллээх ыччат уонна урукку хомсомуоллар хамаандалара күөн көрүстүлэр. «Туймаада» диэн көрүҥҥэ 8 сиэрийэҕэ ытыы түмүгүнэн күннээх дьон бастаатылар. Онон ахсаан биир бииргэ буолла, ааспыт ыйга эдэрдэр хоппуттара. Муҥутуур кыайыылаахтарынан Алена Новгородова уонна Борис Уларов буоллулар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube