🎬🎞️Саха сиригэр XIX-с норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлэ буолуоҕа 🎬🌐Кыһыл көбүөрүнэн ким хаамыай? XIX-с киинэ бэстибээлигэр ханнык киинэ сулустара баар буолалларый? 🌐Сэтинньи 4 күнүгэр 17:00 чааска Ю.А. Гагарин аатынан искибиэргэ XIX-с норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин (ЯМКФ) үөрүүлээх арыллыыта буолар — Уһук Илин култуурунай олоҕун биир чаҕылхай түгэнэ. 🤩Бу күн бочуоттаах ыалдьыттар, норуоттар икки ардыларынааҕы дьүүллүүр сүбэ уонна саха кинематографиятын сулустара 75 миэтэрэ кыһыҥҥы кыһыл көбүөрүнэн хаамыахтара. Бэстибээл СӨ култууратын сылын уонна Россия норуоттарын сомоҕолоһууларын сылын чэрчитинэн ыытыллар. Сиһилии👉маны баттаа nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube