Дьокуускайга СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр мууһу бэлэмнээһиҥҥэ бүтүн куорат субуотунньугун ыыттылар. Субуотунньук кыттыылаахтара уопсай дьыалаҕа бэйэлэрин кылааттарын киллэрэргэ уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр өйөбүлү оҥорорго күүстэрин холбоотулар. Дьокуускайга мууһу бэлэмнээһин куорат олохтоохторун бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһүү, ордук болҕомтоҕо, өйөбүлгэ наадыйар дьон кыһамньыларын тула түмэр үтүө үгэскэ кубулуйда. Хаартыскаҕа: Дьокуускай Тутуу уокуругун салалтата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube