НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%706 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

❗Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан салгын олбохтоох суудуналарынан айан төлөбүрүн сыаната үрдүөҕэ Алтынньы 29 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан салгын олбохтоох суудуналарынан айан төлөбүрэ 5 тыһ солк диэри үрдүөҕэ. Өрүскэ кыдьымах үөскүүрүнэн сибээстээн пассажирдары салгын сыттыктаах суудуналарынан, онтон аэробокка көһөрөн айаннаталлар. Бу туһунан «Ленаводсервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ. «Тарыып сыаната гидрологическай балаһыанньа уустугурбутунан үрдүөҕэ. Сарсыҥҥыттан биир сырыыга 5000 солк таһар буолуохтара. Арыыга сотовай сибээс, интэриниэт мөлтөхтүк үлэлиир. Ол иһин айан төлөбүрүн мобильнай баанынан эбэтэр каартанан төлүүр кыаллыбат. Онон пассажирдар айан төлөбүрүн уу харчынан төлүүргүт ирдэнэр», — диэтэ Борис Строев. Маршрут оннунан хаалар: Дьокуускайга 204-с дьоҕус түөлбэттэн («Намыв» станция) Аллараа Бэстээххэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

05001K28 Oct 06:3410 Nov 22:061.1K28 Oct 06:34: 0 views10 Nov 22:06: 1,060 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Oct 2026, 06:340
10 Nov 2026, 22:061.1K

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.