❗Сымыйа сурах: Амма улууһугар оттук сезонугар күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэр Социальнай ситимҥэ Амма улууһугар чох аҕыйаабытынан оттук сезонугар күчүмэҕэйдэр үөскээбиттэр диэн сымыйа сурах тарҕаммыт. Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин СИА-ҕа сурах олоҕо суоҕунан аахта. Билигин итиинэн хааччыйар эбийиэктэр штатнай эрэһииминэн үлэлииллэр. «Үрдүк бэлэмнээх буолуу дьаһал кырдьыктыы ылыллыбыта. Ол эрээри маннык дьаһал сыллата ылыллааччы: күһүнүн, кыһынын, саас уонна сайынын. Тустаах дьаһал үлэни хонтуруоллуурга, бары тэрилтэлэр өрүү бэлэм сылдьалларыгар наадалаах. Судургутук эттэххэ, сэрэтэр үлэ. Социальнай ситимҥэ ЧС эрэһиимин туһунан суруллубут эбит буоллаҕына билигин үрдүк бэлэмнээх буолуу дьаһал ылыллан турар. Амма улууһугар итиинэн хааччыйар эбийиэктэр штатнай эрэһииминэн үлэлии тураллар», — диэн Степан Кузьмин эттэ. Амма улууһун баһылыга бэлиэтээбитинэн, хочуолунайдарга чох саппааһа сэтинньи ортотугар диэри тиийэр. Бу боппуруос СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна ОДьКХ министиэристибэтин хонтуруолугар сылдьар. «Чох саппааһын күннэтэ хонтуруоллуубут. Билигин улууска чох аҕалалларын күүтэбит», — диэн Кузьмин бэлиэтээтэ. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
3.0%706 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 28 Oct 2026, 03:52 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 758 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.