НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 3.0%706 avg views
Posting 21.7/day last 1 hour ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

👏Сунтаарга ийэлэргэ аналлаах «Күһүҥҥү күн дьаралыга» бэрт сэргэх тэрээһин ыытылынна Бу күн улуус истиҥ ийэлэрэ, ол иһигэр СВО кыттыылаахтарын ийэлэрэ уонна кэргэттэрэ мустан, күннээҕи түбүктэн арахсан, дууһалыын сынньаннылар, элбэх саҥаны уонна туһалааҕы биллилэр. Тэрээһини улуустааҕы дьахтар Сэбиэтэ үрдүк таһымнахтык тэрийэн ыытта. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Ийэлэр бэйэлэрин араас эйгэҕэ холонон көрдүлэр. Ол курдук, сэргэх маастар-кылаастар ыытылыннылар: Уруһуй уруога – хас биирдии киһи бэйэтин ис дууһатын кырааска көмөтүнэн кумааҕыга түһэрдэ. Уоскулаҥы, налыйыыны ыллыбыт дииллэр. Ыраастаныы сиэрэ-туома – өбүгэ саҕаттан кэлбит үгэһинэн арчыланан, күүс-уох ыллылар, сиэри-туому толоруу ньымаларыгар үөрэннилэр. Бачата үҥкүүтэ – кэрэ аҥардар нарын хамсаныыларынан уонна күүстээх ритмнэринэн күүһү-уоҕу эбиннилэр. Санааны чэпчэтэр, уоскутар бэрт хамсаныы эбит диэн сыаналаатылар. Сунтаар үүнээйилэрин туһаныы – төрөөбүт дойдуларын сирин эмтээх отторун, үүнээйилэрин хайдах сөпкө туһанар туһунан туһалаах сүбэлэри иһиттилэр. Маны тэҥэ, саамай сүрүнэ СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр судаарыстыбаттан туох өйдөбүл, ханнык быраап уонна көмө баарын сиһилии кэпсээтилэр. Кэлбит ыалдьыттар бэйэлэрин интэриэһиргэтэр ыйытыыларыгар тута хоруйдары, туһалаах сүбэ-ама ылан, күүстээх көмүскэллээх буолалларын өйдөөтүлэр. Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев аатыттан СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин кытта утумнаахтык үлэлии сылдьар «Женсовет» көхтөөх кыттыылаахтарыгар махтал суруктар туттарылыннылар. nvk-online.ru 📲 💬Mакс | 💬Telegram | 💙ВК | 📺VK Видео | 📺Rutube

Views over time

020040060080028 Oct 01:1110 Nov 22:0670928 Oct 01:11: 0 views10 Nov 22:06: 709 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
28 Oct 2026, 01:110
10 Nov 2026, 22:06709

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.