🐟🎣Үс күн устата «Саха сирин балыга»дьаарбаҥка үлэлиэҕэ Алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри Комсомол болуоссатыгар «Рыба Якутии» үгэс буолбут быыстапка-дьаарбаҥка ыытыллыаҕа. Быйыл 16-с төгүлүн буолар. Бэйэлэрин бородууксуйаларын хотугу улуустартан аҕыс тыа хаһаайыстыбатын кооперативтара уонна общиналара, ону тэҥэ Булуҥ, Уус-Алдан, Аллайыаха, Аллараа Халыма уонна Кэбээйи оройуоннарыттан балык салаатын урбаанньыттара билиһиннэриэхтэрэ. Киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар чэпчэки сыанаҕа сибиэһэй балык арааһа баар буоларын туһунан иһитиннэрэллэр. Ону таһынан былаһааккаҕа олохтоох тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыттан эт уонна үүт бородууксуйа атыыта тэриллиэҕэ. Дьаарбаҥка үс күн үлэлиэҕэ, күн аайы 10:00-17:00. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube
НВК «Саха»
Subscribers
23.9K
+0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR)
3.0%706 avg views
Posting
21.7/day
last 1 hour ago
Reactions per 1K views
1.7
❤ 👍 👏
Views over time
| When | Views |
|---|---|
| 27 Oct 2026, 12:35 | 0 |
| 10 Nov 2026, 22:06 | 749 |
Who shared this post
Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)
Nobody yet.