Айсен Николаев Ил Дархан дьаһалтатын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын мунньаҕын ыытта Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархан Дьаһалтатын уонна Бырабыыталыстыбатын салалтатын кытта былааннаах сүбэ мунньаҕы ыытта. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр салайааччыларыгар бүддьүөт иккис ааҕыытыгар этиилэри Үп министиэристибэтин кытта бииргэ оҥорорго, бүддьүөт ороскуотун көдьүүһүн үрдэтэр үлэни салгыырга сорудахтаата. Ону тэҥэ Ростехнадзор кыһыҥҥа бэлэмнээх буолууга бэлиэтээһиннэрин суох гынарга уонна хомунаалынай инфраструктура эрэллээхтик үлэлиирин хааччыйарга муниципалитеттарга сорудахтаата. Профильнай министиэристибэлэргэ — хаалбыт хотугу таһаҕаһы тиэйии чуолкай графигын оҥорорго уонна ыраах сытар нэһилиэктэргэ уматык саппааһын тэрийэргэ. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр — тыын суолталаах эмтэри кэмигэр атыылаһарга, хааччыйарга, ол иһигэр эһиилгигэ эмиэ. Хаартыска: Айсен Николаев МАХ ханаала nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube