НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%704 avg views
Posting 21.8/day last 29 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏
edited

🤩👏🏻Майа сэлиэнньэтигэр Маамыкаан түөлбэтэ күөх төлөҥҥө холбонор Майа сэлиэнньэтигэр Маамыкаан түөлбэтин элбэх оҕолоох ыалларын кыбаарталыгар күөх төлөн холбонно. Бу эҥэргэ олохсуйбут ыал дьиэлэрэ сылааһынан илгийдэ. Элбэх оҕолоох Ивановтар дьиэ кэргэттэрэ биир бастакынан дьиэлэригэр гаас киллэттэрэн үөрүүлэрэ үрдээтэ. 2021 сылга дьиэ туттан маһынан уонна чоҕунан оттон-кыстаан үгүс ыарахаттары көрсөн олорбуттар. Быйылгы кыстыгы дьэ сылаастык, сымнаҕастык кыстыахпыт диэн үөрүүлэрин үллэһиннилэр. Үөрүүлээх түгэҥҥэ тоҕуоруһа мустубут түөлбэ олохтоохторун улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Павлов, Майа сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччы Дмитрий Игнатьев эҕэрдэлээтилэр. Салайааччылар дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан нэһилиэнньэни гааска холбооһуну олоххо киллэрэр федеральнай бырагыраама өрөспүүбүлүкэҕэ тэтимнээхтик ыытылларын бэлиэтээтилэр. Ол чэрчитинэн улууска 18 нэһилиэккэ 7300 кэриҥэ олорор дьиэ күөх төлөҥҥө холбоммутун, бу көрдөрүү 63% тэҥнэһэрин сырдаттылар. Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов «Сахатранснефтегаз» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников Маамыкаан түөлбэтин гаас ситимигэр холбуур туһунан былырыыҥҥы сөпсөһүүтүн куоһаран Майа алааһыгар күөх төлөн холбонорун иһитиннэрдэ. «Сахатранснефтегаз» хампаанньа салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Павлов хампаанньа социальнай гаастааһын үлэтин быйылгы былаанын толорбутун, өрөспүүбүлүкэҕэ 1500 ыал ситимҥэ холбоммутун туһунан сырдатта. Бэлиэ түгэҥҥэ Анастасия Федорова салайааччылаах «Сахатранснефтегаз» хампаанньа Мэҥэ Хаҥаластааҕы учаастагын тэтимнээх үлэтэ махтал тылынан бэлиэтэннэ, үтүө суобастаах исписэлиистэр идэлэригэр бэриниилээх үлэлэрин иһин наҕараадаланнылар. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

025050075023 Oct 11:1610 Nov 22:0673023 Oct 11:16: 0 views10 Nov 22:06: 730 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
23 Oct 2026, 11:160
10 Nov 2026, 22:06730

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.