📶🤳 Саха сирин киин өттүгэр мобильнай интэриниэт түргэтээтэ МегаФон Саха сирин биэс улууһун 15 нэһилиэнньэлээх пуунугар ситими саҥартан оҥордо, манна 40 тыһ тахса киһи олорор. Үлэлэр мобильнай интэриниэт түргэтииригэр, сигнал хабар сирэ кэҥииригэр уонна сибээһи туруктаах оҥороругар кыаҕы биэрдилэр. Сыыппара инфраструктуратын сайдыытын уонна РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Экономика данных и цифровая трансформация государства» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ мобильнай сибээс хаачыстыбатын үрдэтии үлэтэ салҕанар. «Мобильнай сибээс хаачыстыбата биһиэхэ биллэрдик тупсубута үөрдэр. Интэриниэт күннээҕи олоххо эрэ буолбакка, учуутал үлэтигэр эмиэ наада. Биһиги уруок кэмигэр туһанабыт: үөрэнээччилэргэ үөрэх матырыйаалларын көрдөрөбүт, эбии информацияны булабыт, онлайн-ресурсалары кытта үлэлиибит. Сибээс туруктаах уонна браузер түргэнник аһыллар буоллаҕына, уруоктары ыытар быдан табыгастаах», — диэн Бороҕон сэлиэнньэтин учуутала Владислав Скороходкин үллэһиннэ.