НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%703 avg views
Posting 21.7/day last 57 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🤩👏Хамаҕатта олохтоохторо толору хааччыллыылаах саҥа балыыһаланнылар Бүгүн, алтынньы 22 күнүгэр, Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоохторугар уонна бүтүн улуус доруобуйа харыстабылын тиһигэр күүтүүлээх, кэрэ-бэлиэ тэрээһин буолан ааста. РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан олоххо киирэр «Уһун уонна көхтөөх олох» национальнай бырайыак чэрчитинэн, нэһилиэккэ аныгы, толору хааччыллыылаах модульнай врачебнай амбулатория үлэҕэ киирдэ. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Саҥа эмтиир-диагностикалыыр киин тутуутун «МегиноСтрой» тутуу тэрилтэтэ (салайааччы — Николай Докторов) кылгас кэм иһигэр үрдүк хаачыстыбалаахтык тутан үлэҕэ киллэрдэ. Хамаҕатта аныгы медицинскай киинин коллектива, улуус баһылыга Юрий Слепцов, улуус кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев уонна Хамаҕатта тыа сирин түөлбэтин баһылыга Евгений Ушницкай өроспүүбүлүкэтээҕи быһаччы сибээс көмөтүнэн (ВКС) Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын дьиэтин кытта холбонууга таҕыстылар. Дьокуускай куораттан Ил Дархан Айсен Николаев, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов уонна Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева быһа эпииргэ тахсан, биир кэмҥэ өроспүүбүлүкэ араас улуустарыгар тутуллубут биэс саҥа модульнай амбулатория үлэҕэ киирэрин биллэрдилэр. Улуус олохтоохторун уонна салалтатын аатыттан киин балыыһа кылаабынай бырааһа Ариан Сергеев Ил Дархан Айсен Николаевка уонна өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар дириҥ махталын биллэрдэ, ону тэҥэ нэһилиэк, улуус олохтоохторугар эҕэрдэтин тиэртэ. Хамаҕаттаны кытта тэҥҥэ бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн өссө түөрт аныгы модульнай медицинскай эбийиэк аһылынна: Мархаҕа — «Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх куорат балыыһата» ГБУ саҥа амбулаторията, Уус Алдан Бэйдиҥэтигэр — Бэйдиҥэтээҕи быраас амбулаторията, Үөһээ Бүлүү Ботулуу нэһилиэгэр — Ботулуутааҕы быраас амбулаторията, Ньурба Чаппандатыгар — Чаппандатааҕы быраас амбулаторията. nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080022 Oct 08:2610 Nov 22:0668922 Oct 08:26: 0 views10 Nov 22:06: 689 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
22 Oct 2026, 08:260
10 Nov 2026, 22:06689

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.