НВК «Саха»

@nvk_sakha · tech · Kazakh · active

Subscribers 23.9K Subscribers, last 30 days: 23.9K → 23.9K +0 24h · +0 7d
Reach per post (ERR) 2.9%703 avg views
Posting 21.7/day last 57 minutes ago
Reactions per 1K views 1.7 ❤ 👍 👏

🛣️Сунтаарга алдьаммыт суоллары чөлүгэр түһэрии үлэтэ саҕаланна Сунтаар нэһилиэгэр халаан уутун уонна күүстээх ардах содулуттан алдьаммыт суоллары өрөмүөннээһин үлэтэ саҕаланна. Бу сайыҥҥы күүстээх ардахтар өрүс кытылын суурайаннар, тиэхиньикэ сылдьар суолун быһа көтөн улахан хоромньуну таһаарбыта. Бу суолталаах тутуу уонна чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хайысхатынан ыытыллар. Билигин саамай улахан күүс өрүс үрдүнэн сытар Ленина уулуссатыгар ууруллар, тоҕо диэтэр бу учаастак нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар улахан суолталаах уонна улахан алдьаныылаах сиринэн буолар. Маны таһынан, былаан быһыытынан бу нэдиэлэҕэ өссө 4 суолга өрөмүөн үлэтэ барыаҕа. Суоллары кэмигэр уонна хаачыстыбалаахтык оҥорон таһаарарга барыта 3 подряднай тэрилтэ күүһүн ууран үлэлии сылдьар. Нэһилиэкпит суоллара сотору кэминэн урукку туруктарыгар киирэн, сырыы холкутуоҕа диэн эрэнэбит. Үлэ хаамыытын туһунан сонуннары салгыы сырдатан иһиэхпит. Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата nvk-online.ru 📲 Mакс | Telegram | ВК | VK Видео | Rutube

Views over time

020040060080022 Oct 06:3310 Nov 22:0672322 Oct 06:33: 0 views10 Nov 22:06: 723 views
Snapshots we took after posting.
WhenViews
22 Oct 2026, 06:330
10 Nov 2026, 22:06723

Who shared this post

Posts in other channels we index that link to this one. (Forwards with a hidden source can't be traced.)

Nobody yet.